Ахсынньы 23 күнүгэр Дьокуускай куоракка Оҕо дыбарыаһыгар «Биһиги – Россия кэскиллэрэ» оҕолор Гражданскай форумнара 16-с төгүлүн ыытылынна.
Өрөспүүбүлүкэбит бары улуустарыттан Ил Дархан Харыйатыгар кыттыыны ыла кэлбит оҕолор «Бастакылар хамсааһыннарын» сэттэ хайысхатынан арахсан, бэйэлэрин бырайыактарын көмүскээтилэр https://vk.com/wall-199463452_16849
Форум үөрүүлээх арыллыытыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Нюргуна Афанасьевна Соколова эҕэрдэ тылыгар «Бу форумҥа биһиги саҥа идеялары истээри, бэйэбит бырайыактарбытынан үллэстээри уонна дойдубут сайдарыгар үлэлэһээри муһуннубут. Саҥа бырайыактар кэлэр сылга киириэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин. Эһиэхэ көхтөөх кыттыыны уонна олоххо киирэр бырайыактары баҕарабын», – диэн бэлиэтээн эттэ.
Форум ыытыллар кэмигэр «Бастакылар хамсааһыннара» сүрүннүүр специалиһын Инна Федоровна Шибаеваны кытта көрсөн кэпсэттим.
– Оҕолор гражданскай форумнара олус улахан тэрээһин буолар. Бастатан туран, оҕолор араас бырайыактары кытта билсэллэр, дьону-сэргэни кытта кэпсэтэ үөрэнэллэр. Ону таһынан бырайыагы көмүскээһиҥҥэ бэйэлэрин холонон көрөннөр, Россия сайдарыгар кылааттарын киллэрэллэр. Билэрбит курдук, биһиги дойдубут сокуонун, олоҕун улахан дьон салайан олороллор. Онтон мин санаабар, оҕолор эмиэ туох наадатын билэллэр, өйдүүллэр. Кинилэр бэйэлэрин бырайыактарынан олохпутугар саҥаны, сонуну киллэриэхтэрин сөп, – диэн Инна Федоровна биһиэхэ, оҕолорго эрэнэрин туһунан санаатын үллэһиннэ.
Мин Гражданскай форумҥа «Медиа уонна коммуникация» хайысхатын сырдатыытыгар үлэлээтим. «Юные Якутяне» методиһа Любовь Васильевна Слепцова кэпсээбитин курдук, оҕолор Гражданскай форумнарыгар «Медиа уонна коммуникация» хайысхатыгар Чурапчыттан, Хаҥаластан, Эбээн Бытантайтан, Жатайтан, Дьокуускай куораттан барыта 51 оҕо кыттыыны ылла.
Кинилэри кытта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кылаабынай редактора Татьяна Васильевна Чьямова үлэлээтэ. Кини олус үчүгэйдик салайан ыытта.
Татьяна Васильевна кэпсээбититтэн мин манныгы биллим:
Россияҕа ыччаты иитиинэн дьарыктанар институт 2022 сыллаахха олох сыаннастарын туһунан оҕолор санааларын түмэн мониторинг оҥорбут. Онно хас да проблема тахсан кэлбит. Биһиги саастыы оҕолор үксүлэрэ бэйэлэрин эрэ истэр, коллективка наадыйбат буолбуттар. Эрэллээх доҕор, доҕордуу сыһыан диэн өйдөбүллэри биһиги олохпут сүрүн сыаннаһа диэн сыаналаабат буолбуттар. Үгүс оҕолорго сиэрдээх майгы диэн киһи сүрүн хаачыстыбата буолбатах эбит.
Онтон форумҥа төннөр буоллахха, «Медиа уонна коммуникация» хайысхатыгар хамаандалар саха тылын, оскуолаларга медиа кииннэри тэрийии уонна «Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форуму ыытыы туһунан бырайыактары көмүскээтилэр. Ол түмүгүнэн хамаандалар биир түмүк санааҕа кэлэн, Чурапчы улууһун «Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» диэн бырайыагын тула түмүстүлэр.
«Медиа уонна коммуникация» хайысхатын эксперэ, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова бу бырайыак саха тылын, оскуолаларга медиа киин үлэтин барытын хабар уонна бу патриотическай форуму ханнык баҕарар улуус оҕолоро, ыраах дуу, чугас дуу олороллоруттан тутулуга суох, оннооҕор Россия бары регионнарыгар кытта ыытар кыахтаахтарын туһунан олус үчүгэйдик быһааран биэрдэ. Кырдьык, Ольга Ивановна эппитин курдук, хас биирдии дьиэ кэргэн Россия историятын кытта ситимнээх. Холобур, Чурапчы улууһун А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ Лилия Маркова «Москва, ВДНХ мин дьиэ кэргэммин кытта быһаччы сибээстээх» диэн эбэтиттэн ылбыт интервьютун аахтахха элбэҕи өйдүөххүн сөп эбит. https://keskil14.ru/le-ki-ini-jeliir-rd-k-jg-sirdiir/
Мин бу форумҥа оҕолор бырайыактарын көмүскүүллэрин истэммин элбэҕи биллим, бэйэбэр саҥаны арыйдым. Бырайыагы киэҥник көрөн оҥорор наадалааҕын өйдөөтүм.
«Мин дьиэ кэргэним Аҕа дойду историятыгар» диэн патриотическай форуму тэрийэн ыытыы бырайыагын ааптардарынан Чурапчыбыт улууһун оҕолоро буолаллар. Форум үлэтин кэмигэр Дьокуускай, Жатай оскуолаларын оҕолорун кытта С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия XI кылааһын үөрэнээччитэ Сандаара Керемясова бу бырайыагы көмүскээтэ https://vk.com/wall-199463452_16861
Биир саастыылаахтарым холобурдарыгар хамаанданан үлэлиир үчүгэй түмүктээх буоларын көрдүм.
Биһиги оҕолорбут оҥорон таһаарбыт «Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» бырайыактарын улууспутугар өйүөхтэрэ уонна олоххо киллэриэхтэрэ дии саныыбын.
Олеся ОРЛОВА, XI кылаас,
С. Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы