Алаҕар нэһилиэгин баһылыгын Иван Иванович Оконешниковы кытта көрсөн, нэһилиэккэ ыытыллар үлэ, инникигэ туох сыал-сорук баарын туһунан кэпсэттибит.
Алаҕар нэһилиэгэр уопсайа 631 киһи олорор.
Эр киһи – 225, дьахтар – 192.
Уһуйааҥҥа 29 оҕо сылдьар, оскуолаҕа 93 оҕо үөрэнэр, 52 устудьуон баар.
– Үтүө күнүнэн, Иван Иванович! Нэһилиэк туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– Биһиги нэһилиэкпит Чурапчы улууһун биир уһук, кытыы сытар сирэ буолар. Орто нэһилиэктэр ахсааннарыгар киирэр. Алаҕар нэһилиэгэ баай историялаах, урут-уруккуттан бастыҥ үлэһит, күүстээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар дьоннордоох.
– Нэһилиэкпит кэлиҥҥи сылга туох ситиһиилэннэ?
– Баһылыктаабытым бастакы сыла буолар. Биһиги нэһилиэк сыллата култуура өттүгэр ситиһиилэрдээхпит, ырыабытынан-тойукпутунан оройуоҥҥа инники күөҥҥэ сылдьабыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллибит – хорбут буолар. Хорбут ситиһиилэринэн киэн туттабыт.
– Билигин нэһилиэк тупсарын туһугар туох үлэ бара турарый, туох былааҥҥа баарый?
– Былаан сүрдээх киэҥ. Бастатан туран, суолу-ииһи оҥоруу. Былырыын Тырааныспар министиэристибэтин куонкуруһугар кыттаммыт 9,5 мөлүөйүөннээх граны ылан икки сылга хайытаммыт үлэ бара турар. Үлэ быйылгыттан саҕаланна, эһиил эмиэ барыаҕа уонна быйыл олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа кыттаммыт эмиэ суолбутугар үлэлиэхтээхпит. Онон икки сылынан Чыаппара суола барыта оҥоһуллан бүтүөхтээх.
Иккиһинэн, уһуйааммыт олус эргэрдэ, 1972 сыллаахха тутуллубут дьиэ, ол аата 50-тан тахса сыл буолла. Улууһу кытта туруорсан, Алексей Семенович Пинигин салайааччылаах тэрилтэни кытта үлэлэһэммит бырайыагын оҥоттордубут.
Үсүһүнэн, дьону ыраас уунан хааччыйыы олох ирдэбилэ буолар. Онон Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахпыт Эдвин Даниловы көрдөһөн, быйыл «Ыраас ууну» («Чистая вода») киллэттэрдибит. Ол гынан баран тэйиччи турарынан сибээстээн, сайынын эрэ үлэлээтэ. Кэлэр сайын чугаһатан, ититиигэ холбуур былааннаахпыт.
Маны таһынан сайыҥҥы водопроводы чөлүгэр түһэрдибит. Кэлэр сайын кэмигэр үлэтин саҕалыа.
Дьаһалта дьиэтин таһыгар сквер тутуутун былаана баар. Ол скверга дьоруой ийэлэр, бастыҥ үлэһиттэр, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын туһунан киириэхтээх. Фонтаннаах улахан, киэҥ сквер оҥоһуллуохтаах.
Нэһилиэкпит киириитигэр «Алаҕар» эбэтэр «Чыаппара» диэн бэлиэ туруохтаах. Бэлиэ дизайнын бырайыага бара турар, кыайыылааҕы быыһааран, үлэ-хамнас ыытыахпыт. Ити курдук кэккэ былааннар элбэхтэр.
– Кэлэр кэнчээри ыччака сүбэҥ, баҕа санааҥ
– Оҕолор диэн биһиги инникилэрбит, кэскиллэрбит. Ол иһин олохтоох дьаһалта, оскуола уонна төрөппүттэр буолан бары бииргэ үлэлээммит, оҕолорбутун бииртэн биир үрдүк үктэлгэ таһааран иһиэхтээхпит. Оскуоланы кытта сибээспин быспаппын, кыалларынан, оскуолаҕа сылдьа сатыыбын, оҕолору ыҥыран кэпсэтэбин. Биһиги нэһилиэкпитигэр туох туһаны оҥоруохтаахпытын, харыстыахтаахпытын, кырдьаҕастарга хайдах көмөлөһүөхтээхпитин, ыччаттарбытын сөптөөх үлэҕэ-хамнаска иитиллэн тахсалларын курдук кинилэри кытта мэлдьи бииргэ буолан, сүбэ-ама биэриэхтээхпит.
– Иван Иванович, кэпсэтииҥ иһин барҕа махтал! Үлэҕитигэр үтүө түмүктэри, ситиһиилэри баҕарабыт!
Дайаана Говорова, X кылаас,
«Алаҕар Кэскилэ» медиа киин
Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар оскуолата, Чурапчы