- Эн туох эрэ наһаа үчүгэйи толкуйдаабыккын. Ол идиэйэҕин ким да өйөөбөтөх. Онтон хомойон кыыһыраҕын дуо?
А) Оннук.
Б) Суох.
- Доҕотторгуттан ким эрэ эрэ “Монополия” оонньуурга тыл көтөҕөр. Онуоха эн:
А) ол оонньууну сатыыр эрэ дьон оонньууругар туруорсаҕын.
Б) сатыыр-сатаабат оонньуурун утарбаккын.
- Куһаҕан сураҕы аймаммакка ылыныаххын сөп дуо?
А) Оннук.
Б) Суох.
- Итирик дьонтон төһө ньиэрбинэйдиигин?
А) Наһаа дьаабыламматахтарына, кими да тыыппатахтарына, соччо кыһаллыбаппын.
Б) Абааһы көрөбүн, көрө-көрө кыйаханабын.
- Атын итэҕэллээх, туспа үгэстээх дьону кытта түргэнник биир тылы булаҕын дуо?
А) Суох.
Б) Мин оннук бытархайга болҕомтобун уурбаппын. Кылаабынайа, киһи бэйэтэ хайдаҕа оруолу оонньуур.
- Эйигин хаадьылаатахтарына:
А) дьээбэлээбит киһини кэһэтэбин.
Б) төһө да сөбүлээбэтэрбин, сымыйалаан мичээрдээбитэ буолабын. Итинник үөннээх дьону кытта аахсан да диэн.
- Элбэх киһи идэтин сыыһа талан, бэйэлэригэр сөбө суох миэстэҕэ үлэлии олороллор дии санааччыгын дуо?
А) Оннук.
Б) Суох
- Бэйэҥ хампаанньаҕар дьүөгэҕин дуу, доҕоргун дуу илдьэ кэлбиккин. Ол күн болҕомто барыта киниэхэ эрэ ууруллар. Онуоха эн:
А) кыһыйаҕын аҕай, аҕалбыккын кэмсинэҕин.
Б) “Хата, бэркэ табыстылар ээ” диэн үөрэҕин.
- Саастаах киһи эдэр ыччаты мөҕөн-этэн бардаҕына:
А) Тугу да утары эппэккэ туран баран хаалаҕын.
Б) Аахсаҕын.
Аны билигин баалгын аах
1Б, 2Б, ЗБ, 4А, 5Б, 6Б, 7Б, 8Б, 9А эппиэттэр аайы 2-лии очукуону суруй.
0-5. Эн наар бэйэҥ эрэ санааҕын барыларыгар соҥнуу, туруорса сатыыгын. Өссө онтукаҕын ардыгар кыыһыра-кыыһыра этэҕин. Дьон туох диирин истибэккин. Итинник табыллыбат. Бэйэҕин эрэ өрө тута сырыттаххына, биир да доҕоро суох хаалыаҥ. Өйдөө: үйэҥ тухары уопсастыба ортотугар олоруоҥ. Онон атын киһи саҥатын тулуйан истэргэ, арыт сөпсөһөргө, тус санаатын ытыктыырга, өйдүү сатыырга үөрэн.
6-12. Дьону кытта тапсан кэпсэтэҕин. Ол эрээри, тугу эрэ сөпсөспөтөххүнэ, иннигин төрүт биэрбэккин, өрө бара-бара мөккүһэҕин. Кыайыылаах хайаан да эн тахсыахтааҕын курдук. Бэйэҥ санааҕын дакаастыырыҥ, көмүскүүрүҥ үчүгэй. Ол гынан баран, сорох түгэҥҥэ иннигин биэрэриҥ, сөбүлэһэриҥ ордук.
13-18. Эн дипломат буолар айылгылааххын. Дьону кытта аа-дьуо наллаан кэпсэтэҕин, бэйэҥ санааларгын сатаан сөпкө сааһылаан, сыыйа-баайа тиэрдэҕин. Тиһэҕэр эйигин кытта сөпсөһөллөрүгэр эрэ тиийэллэр, кыайан аккаастамматтар. Утарылаһар да киһини уоскутан, тыҥааһыннаах кэпсэтиини сымнатан, ньалҕаарытан кэбиһэҕин. Ол быыһыгар бэйэҥ сыыһаларгын билинэҕин. Сэһэргээччигин сэҥээрэн истэҕин, сөпсөспүтэ буолаҕын. «Киитэрэй соҕус уонна тулуурдаах буолар хаһан баҕарар сүүйүүлээх», — диэн итини этэн эрдэхтэрэ.