Туобуйа орто оскуолатыгар 2003 с. тэриллибит «Кустукчаан» оҕо ырыа, үҥкүү ансаамбыла «Сэттэ араас өҥүнэн оонньоон» диэн девизтээх ахсынньы 9 күнүгэр 20 сыллаах үбүлүөйбүтүгэр анаан, саҥа таҥастары тиктэн, саҥа үҥкүүлэри туруоран, дойдубут дьонугар, ыалдьыттарбытыгар 80 киһи кыттыылаах кэнсиэри көрдөрдүбүт.
Бу үбүлүөйдээх дьоро киэһэҕэ уһуйаан, оскуола оҕолоро, «Кустукчаан» бастакы выпусниктара, төрөппүттэр кытыннылар. Тымныыттан, ыраахтан саллыбакка, Үөһээ Бүлүүттэн «Айылгы» түмсүү биһиги үөрүүбүтүн үллэстэ кэлэн, сонун эҕэрдэ нүөмэрин бэлэхтээтилэр.
Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх салалтатыттан култуура уонна духуобунай сайдыы департаменыттан, П. Н. Тобуруокап аатынан норуот айымньытын дьиэтин «Тускул» оҕо сайдар киинтэн эҕэрдэ суруктары, бэлэхтэри ыытан үөртүлэр. Күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар, нэһилиэкпит баһылыгар Гаврил Григорьевич Лазаревка, Ил Түмэн депутатыгар Семен Федотовичка, Марфа Семеновнаҕа , Туобуйа орто оскуолатын директорыгар Индиана Михайловнаҕа, ИП Владимир Федотовичка, Светлана Николаевнаҕа, Елена Прокопьевнаҕа, депутаппытыгар Ченохов Василий Васильевичка, Клавдия, Герман Хатылаевтарга, Саргылаана Иннокентьевнага («Ымыы»). «Кустукчаан» ансаамбыл оҕолоругар анаан хоһоон суруйбут Любовь Федотовнагҕа улахан махталбытын тириэрдэбит.
Мин санаабар, «Кустукчаан» ансаамбыл кыттааччылара олус үчүгэйдик кытыннылар. Бэйэм эмиэ кыттааччы буоламмын, доҕотторбун кытары долгуйууну, үөрүүнү барытын аастыбыт. Үбүлүөйбүтүгэр салайааччыбыт Елизавета Петровна Сидорова саҥа сахалыы 5 купсуур охсор инструмент ылан аҕалла. Онон аны саҥа инструмеҥҥа дьарыктаныахпыт, өссө үрдүк үктэллэри дабайыахпыт. Ансаамбылбыт салайааччытыгар Елизавета Петровнаҕа махталбыт муҥура суох.
Эльдар Лукин,
Туобуйа орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ, Үөһээ Бүлүү.