Кыракый оҕо саас уйата —
Сүүс сүүрбэ биэс сыл устата
Уһуйдуҥ ыччаккын кэрэҕэ,
Ыҥырдыҥ үөрэххэ-сайдыыга.
Ахсынньы ый 9 күнүгэр оскуолабыт 125 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымҥа бэлиэтээтибит. Биһиги оскуолабыт Хаҥалас улууһугар биир кырдьаҕас, баай историялаах оскуоланан биллэр. Үбүлүөйбүт хайдах ааспытын туһунан оскуолабыт дириэктэрэ Дарья Скрябина сырдатта:
«Бырааттыы Николаевтар ааттарынан 2 Дьөппөн орто оскуолата биир кырдьаҕас, баай остуоруйалаах Саха Сиригэр үөрэх, спорт уонна араас үлэ иитиитигэр туспа суоллааах-иистээх дьону иитэн-такайан таһаарбыт агро хайсхалаах оскуола 125 сыллааҕы үбүлүөйбүтүн үрдүк таһымнаахтык ыыттыбыт.
Үбүлүөйбүт тэрээһинигэр көхтөөх кыттыыны ыллылар спорт министрэ Леонид Спиридонов, Ил Түмэн депутата, «Саха медиа» компания дириэктэрэ Олег Марков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин агро хайысхатын президиэнэ Феодосия Габышев, улуус баһылыгын солбуйааччы Юрий Никифоров, улуус үөрэҕирии начальнигын солбуйааччыта Надежда Скрябина уонна үөрэх үрдүк, орто кыһаларыттан социальнай партнердарбыт, ветеран учууталларбыт, араас кэмҥэ үлэлээн ааспыт учууталларбыт уонна выпускниктарбыт. Ыалдьыт быһыытынан уопсайа 300-тэн тахса киһи кытынна.
Үөрүүлээх күммүт выпускниктар парадтарыттан саҕаламмыта. Салҕыы күлүөнэннэн сэргэх кылаас чаастарыгар ыаддьыттаатылар. Торжественнай чааска үбүлүөйдээх кинигэбит сүрэхтэннэ, эҕэрдэлэр наҕараада буолла. Үөрэнээччилэртэн үлэһиттэртэн эҕэрдэ кэнсиэр тэрилиннэ. Араа кэмҥэ дириэктэрдээбит, учууталлаабыт мааны кырдьаҕастарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Махтал төрөөбүт түөлбэлэрин, оскулаларын умнубакка күүс-көмө, сүбэ-ама буолар биир дойдулаахтарбытыгар. Оскуола коллектива үөрэх сайдыытын туһугар инники былааммыт элбэх. Үөрэхпит кыһата үүнэ, сайда тур үйэлэргэ».
«Мин төрөөбүт оскуолабын 125 сааһын туолбутунан, ыалдьыттары, учууталларбын, бииргэ үөрэнээччилэрбин, выпускниктары итиитик-истинник эҕрдэлиибин. Баҕарыам этэ кинилэргэ кытаанах доруобуйаны, үөрэхтэригэр, үлэлэригэр ситиһиилэри уонна оскуолбыт сайда турдун», — диэн Егор Решетников, 11 кылаас үөрэнээччитэ, эҕэрдэтин тиэртэ.
Оскуолабытыгар быйылгы үөрэх сылыгар 83 үөрэнээччилээхпит. Оскуола иһинэн бэйэни салайыныыны сүрүннээччи «Кэскил» оҕо тэрилтэтэ буолар. Үгэс буолбут тэрээһиннэрбит «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» ас-үөл дьаарбаҥката, «Айхаллан, Ветеран», «Добдур5а оонньуулара», «Мин ийэбинээн», «Мин а5абынаан», «Кэскил» оҕо тэрилтэтигэр ылыы», «Учууталга махтал», «Умнуллубат онус кылаас» о5о хамсааһына быһаччы көмөлөөх ыытыллаллар.
Эбии дьарыкка оҕолор «Саламаат» оҕо тыйаатырыгар, «Үнүгэс», «Дьүрүһүй» фольклорнай, «Сардаҥа» үҥкүү, «Тэтим» уолаттар этнофольклорнай, «Дьиэрэй» кыргыттар, «Эрэлик» уолаттар ансаамбылларыгар, «Дайан» ВИАҕа сөбүлээн дьарыктаналлар.
Ону таһынан оскуолабыт иһинэн «Кэнчээри» экологическай, «Харысхал» ойуур харыстабыла, «Эргиэн» бизнес эйгэтэ түмсүүлэр, «JemLife» пресс-центр, «Дьулуур» оҕо үлэ биригээдэтэ таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Бу үбүлүөйдээх сылбытын тохсунньу ыйтан араас тэрээһиннэртэн саҕалаан барбыппыт. «Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ» кылаас чаастарын тиһиктэригэр оскуолабыт историятын, араас кэмнэргэ үөрэммит выпускниктар тустарынан элбэҕи истэн билиибитин хаҥаттыбыт.
Үгэс буолбут «Битва хоров» кылаас коллективтара уонна төрөппүттэр кыттыылаах ырыа күрэҕэр оскуола, учуутал туһунан ырыалары ыллаан күрэхтэспиппит. Кыайыылааҕынан алын сүһүөххэ 4с, орто уонна улахан сүһүөххэ 9 кылаас коллективтара ааттанан кыайыы өрөгөйүн билбиттэрэ.
Ол курдук «Сааскылаана Куо», «Оҕо оҕо эрдэххэ» эҕэрдэ концерт, оскуола ыһыаҕа онтон да атын тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллыбыттара. «Мин а5абынаан», «Ийэм, а5ам уонна мин», пионерболга, волейболга спортивнай күрэхтэһиилэр бэрт сэргэхтик ааспыттара.
Биир сонун тэрээһининэн төрөппүттэргэ аһаҕас аан нэдиэлэтэ ыытыллыбыта буолбута. Нэдиэлэ устата төрөппүттэр аһаҕас уруоктарга, эбии дьарыктарга сылдьыбыттара. Араас маастар кылаастары ыытан сэргэхсиппиттэрэ. Саамай улахан сэҥээриини «панкейк» астыыры көрдөрбүттэрэ ылбыта. Ону таһынан төрөппүттэр, учууталлар уонна оҕолор хамаанда тэринэн хабылыкка, хаамыскаҕа, дартска күрэхтэспиппит. Нэдиэлэ «Көрдөөх стартарынан» түмүктэммитэ.
Нэһилиэкпит депуттаттарын өйөбүлүнэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолабытыгар ини-бии Алексей уонна Роман Андреевич Николаевтар ааттара иҥэриллибитэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Роман Андреевич төрөппүт уола, оскуолабыт 1976 сыллаах выпускнига, Алексей Романович Николаев аҕатын, абаҕатын олохторун, үлэлэрин туһунан сиһилии кэпсээн билиһиннэрбитэ. Оскуола иннигэр өйдөбүнньүк доска арыйбыппыт.
Ити курдук сыл устата элбэҕи билэн-көрөн, түмсүүлээх, көхтөөх, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэринэн тапталлаах оскуолабыт 125 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымҥа көрүстүбүт. Бу күн кэлэн үөрүүбүтүн үллэстибит ыалдбыттарбытыгар, биир дойдулаахтарбытыгар махтал маанытын этэбит.
Педагог-организатор Лебедева А.Н.