Биһиги билигин “Москва”, “ВДНХ” диэн тыллары элбэхтик истэр буоллубут. Бу мин дьиэ кэргэммин кытта быһаччы сибээстээх тыллар. Ол туһунан эһиэхэ кэпсээри эбэбиттэн, Хайахсыт нэһилиэгин олохтооҕуттан Альбина Филипповна Марковаттан интервью ыллым.
– Эбээ, үтүө күнүнэн! Эн аҕаҥ, мин хос эһэм Филипп Федотович Собакин туһунан билиһиннэрэ түспэккин ээ.
– Хос эһэҥ 1937 сыллаахха Мырылаҕа Соловьев нэһилиэгэр Матрена Степановна, Федот Филиппович Собакиннар дьиэ кэргэттэригэр ортоку оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕыс бииргэ төрөөбүттэртэн үс буоланнар тыыннаах хаалан улааппыттар. Хос эһэҥ Филипп Федотович армияттан кэлэн баран трактористар куурсуустарыгар үөрэнэн үйэтин тухары Субуруускай аатынан сопхуос Соловьевтааҕы отделениетын биир тарбахха баттанар бастыҥ тырахтарыыһынан хара өлүөр диэри үлэлээбитэ. Туруу үлэһит этэ. Сарсыарда 4-5 чаастан тэринэн мас кэрдээһинигэр барар, тыраахтарынан соһон киллэрэн. Нэһилиэк бары хочуолунайдара биирдэ даҕаны томороон тымныыга хам томмокко, үлэһиттэр сылааһынан хааччыллан кыстыгы этэҥҥэ туорууллара. Биир да күн тохтообокко, өрөбүл, бырааһынньык, уоппуска диэни ылбакка үлэлиирэ. Уһун кыһыны быһа мас-от тиэйиитигэр, саас буоллар эрэ бурдук ыһыытыгар, сайынын окко механизированнай звеноҕа сылдьара. Аҕабытын сааскыттан саҕалаан аҕыйахта көрөр этибит. Бааһынаҕа, ходуһаҕа түүннэри-күнүстэри үлэлиирэ.
– Эбээ, эн миэхэ кэпсээччигин дии, “аҕам Москва куоракка бара сылдьыбыта” диэн. Ол туһунан сиһилии сырдатыаҥ дуо?
– 1974 сыллаахха, 37 сааһыгар, килбиэннээх үлэҕэ ситиһиилэрин иһин Москва куоракка ВДНХ-ҕа кыттар чиэскэ тиксибитэ. Чурапчы улууһуттан уопсайа түөрт буолан барбыттара. Оччолорго Москваҕа барар диэн улахан дьыала. Харчы мунньунан, улаханнык тэринэн, оностон ыраах айаҥҥа туруммууттара. Москва куораты, ВДНХ-ны (Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын ситиһиитин быыстапката) көрөн сөҕөн-махтайан кэлбитин, бу кини олоҕун биир умнуллубат чаҕылхай кэмэ буоларын туһунан биһиэхэ наар кэпсиирэ уонна: “Көр, үлэ барахсан киһини үрдүккэ сирдиир”, – диэн туһаайан этэрэ.
– Хос эһээм Москва, ВДНХ туһунан өссө туох өйдөбүллээх этэй?
– Москва куораты бастакытын көрбүт буолан, сэҥээрбиттэ, сөхпүтэ олус элбэх этэ. Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх күүстэрин музейыгар, зоопаркаҕа, быыстапкаҕа, “Космонавтика” музейыгар сылдьыбыттарын туһунан олус астынан кэпсиирэ. Балтыбар Октябринаҕа плассмассовай бегемот оонньууру аҕалбыта. Дьэ уонна бу бегемоту зоопаркаҕа тыыннах хаама сылдьарын көрбүтүн омуннаахтык, итэҕэтиилээхтик кэпсиирэ. Бэйэтигэр ТОЗ саа атыыласпыт. Самолекка аҕаларыгар хайдах көҥүл ылбыта эмиэ туспа кэпсээн буолара. Барыбытыгар кэһии арааһын аҕалбыта. Ийэбитигэр оччолорго саамай муодунай кугас өҥнөөх кримпленовай сон, биһиэхэ араас кылабачыгас оҕуруо, шарфиктаах баайы бэргэһэ, оонньуур арааһа. Дэриэбинэ дьоно барахсаттар Москва сонунун истэ, саҥа сааны, кэһии көрө диэн дьиэбитигэр хас да күнү быһа музейга курдук кэлэллэрэ. Аҕабыт төһө да нууччатыҥы хааннаах буоллар, дэриэбинэҕэ үөскээн олорон, нууччалыы билбэтэ. Кэһии атыылаһарыгар араастаан быһаарсыбытын наһаа күлүүлээхтик кэпсиирэ. Миэхэ маҥан, балтыбар Октябринаҕа от күөх, дэриэбинэ оҕолоро хаһан да харахтаан көрбөтөх оройугар помпоннаах, ортотугар дьэрэкээн оһуордаах, уһун шарфиктаах олус үчүгэй кэмпилиэк таҥаһы кэһии ылаары продавец кыыска: “Беленький дьэрэкээнибий”, – диэн быһаарбыт. Ону кэпсээбитин бачааҥҥа диэри умнубаппыт. Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы өссө ордук күндүтүйэн иһэр.
– Эн санааҕар, хос эһэм ВДНХ-ҕа кыттыыта киниэхэ тугу биэрбитэ буолуой?
– Дойдутун дьонун убаастабылын, махталын икки бүк үрдэппитэ дии саныыбын. Аҕам барахсан олус кылгас олоҕу олорбута. 1983 сыл күһүнүгэр 46 эрэ сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Онон бэйэтин кылгас олоҕор үлэни өрө тутан, улуу Москва куораты көрбүт дьоллоох. Олоххо наһаа көхтөөх позициялаах этэ. Сыанаттан түспэт ырыаһыт, артыыс, дэгиттэр спортсмен этэ. Ыһыахха бэтэрээннэргэ биэскэ тиийэ мүһэни ылара. Эйэҕэс-сайаҕас, көрсүө, көнө киһи этэ.
– Эһиги оҕолоро “аҕабыт сылдьыбыт сирэ” диэн ВДНХ-ҕа тиийэ сылдьыбыккыт дуу?
– Мин бэйэм Иваново куоракка үөрэммит буолан, ВДНХ-ҕа элбэхтэ сылдьыбытым. Балтым Октя кэлин оҕолорун кытта эмиэ тиийэ сылдьыбыта. Москва куораты кытта биһигини үлэһит аҕабыт ситимнээбитэ диэн ычаттарбытыгар куруук кэпсиибит.
– Билигин үлэһит киһини урут ВДНХ-ҕа ыытан чиэстииллэрин курдук, наада дии саныыгын дуо? Тоҕо?
– Саамай наада дии саныыбын. Билиҥҥи кэмҥэ улахан да, кыра да ситиһии барыта харчынан кэмээйдэнэр буолла. Харчы диэн биирдэ – баар, биирдэ – суох. Ол оннугар үрдүк көрдөрүүлэх үлэһит, туйгун үөрэнээччи ВДНХ-ҕа баран кэлбитэ быдан ордук. Олоҕун-сааһын тухары саныы сылдьарыгар биир сырдык өйдөбүл, кэрэ-бэлиэ түгэн буолар! Улаатан эрэр инники кэскиллэрбитигэр да көстөр тыыннаах холобур, үөрэхтэригэр, үлэлэригэр көҕүлүүр күүс буолуо диэн бигэ эрэллээхпин.
Туруу үлэһит дьон баар буолан хас биирдии нэһилиэк урут-уруккуттан тутуллан олорор. Ол барыта төрөөбүт дойдуга, талбыт идэҕэ бэринилээх буолууттан тахсар. “Дойду сурахтаах – алаас ааттаах” диэни мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы. Билигин да дойдубар тиийдэхпинэ аҕам аата ааттанарыттан оҕолуу ис сүрэхпиттэн үөрэбин уонна киэн туттабын. Аҕам Москваҕа сылдьыбыт кэпсээнэ, ВДНХ-ҕа кыттыбыт ситиһиитэ тыыннаахпар оҕолорбор, оҕолорбуттан сиэннэрбэр, салгыы хос сиэннэрбэр салҕанан бара туруоҕа. Бу буолар үлэ киһини үйэлиирэ, үрдүк өйгө сирдиирэ диэн.
Интервьюну ылла уонна сурукка тистэ
Лилия МАРКОВА, VII кылаас, А.П. Илларионов аатынан
Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы