«Республика кино» фестиваль түөрт күнэ бэрт түргэнник элэстэнэн ааһа оҕуста. Фестиваль Гран-притин Амма улууһуттан «Эт эрбэс, эбэтэр, этэрбэс» киинэ айар бөлөҕө (режиссер Никита Давыдов) ылла уонна 300.000 солк. наҕараадаланна! Салгыы айар бөлөх “Короче” Россиятааҕы фестивальга кыттарга ыҥырыыны Москваттан продюсер, киинэ кириитигэ Жан Просяновтан тутта.
Павел Ченянов “Саҥа күн” киинэтинэн дьүүллүүр сүбэ анал бирииһин тутта.
“Үлэ—олох тутула” социальнай ролик бастыҥынан аатырда (режиссер Юлиан Владимиров).
“Бастыҥ анимационнай киинэ” номинацияны “Clay Soul”- “Пластилиновая душа” үлэтин иһин Дьокуускай куорат 27 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Дамир Сусликов ылла.
“Бастыҥ документальнай киинэ” “Этолия” киинэ (режиссердар Виктория Кычкина, Зарина Атласова) буолла.
“Бастыҥ игровой киинэнэн” “Часы&картина и цветок” (режиссер Евгений Слепцов) ааттанна. Кыайыылаахтар 200.000 солкуобайынан наҕараадаланнылар.
Кыттааччылар кэпсииллэр
Юлиан Владимиров, “Бастыҥ социальнай ролик” номинация кыайыылааҕа:
— Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа В.П. Ларионов аатынан оскуолатыгар эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлиибин. Ол курдук, квадрокоптер көтүтүүтүгэр оҕолору дьарыктыыбын. Быйылгыттан видео хайысхатыгар уларытар баҕа баар. Бу ролик маҥнайгы холонуум буолар. Киинэҕэ чугас соҕус уһуллуулаах ролик, ол иһин фестивальга кыттарга санаммыппыт. Саас 3-4 күн устубуппут. Инникитин, техническэй өттүнэн хааччыллыыбыт сайдара буоллар диэн баҕалаахпын. “Республика кино” фестиваль таһыма үрдүк, тэрийэр бөлөххө барҕа махтал, киһи үлэтэ сыаналанара олус үчүгэй!
Аркадий Михайлов, Хаҥалас улууһун оҕо Покровскайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатын педагога, “Ностальгия” анимационнай киинэ режиссера:
— Фестивальга аан маҥнай кытынныбыт. Онон интэриэһинэйдик ааста диэхпин сөп. Оскуолабыт киинэ фестивалыгар маҥнайгы холонуута. Бары кыттыылаахтар үлэлэрэ үчүгэй диэн көрдүм. Хайдах эрэ бэйэм эмиэ киинэ устан көрүөхпүн баҕардым. Оҕолорбут бастакы ойуулуктарын фестиваль кыттыылаахтара, көрөөччүлэрэ сэргээбиттэрэ буолуо дии саныыбын. Эһиил баччаҕа, Хаҥалас улууһун Покровскайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр оскуола үөрэнээччилэрэ саҥа ойуулугунан көрөөччүнү үөрдүөхтэрэ диэн эрэллээхпин.
Жанна Леонтьева.
Хаартыскаҕа Вадим Скрябин түһэриилэрэ.