Биһиги, II Малдьаҕар орто оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччилэрэ, кэрэ-бэлиэ тэрээһиннэргэ бары бииргэ кыттарбытын сөбүлүүбүт.
Кылааспыт салайааччыта Терентьева Раиса Николаевна, Комсомол 100 сылын көрсө, нэһилиэк библиотекатыгар “Эн Комсомол — мин дьолум” диэн тиэмэлээх кылаас чааһын тэрийдэ.
Кылааспыт чааһыгар урукку комсомолецтары ыҥырбыттара. Кинилэр комсомол буола сылдьыбыт кэмнэрин олус кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтилэр. Оскуолабыт музейын салайааччыта Васильева Марина Николаевна комсомол диэн туһунан билиһиннэрдэ. Кини кэпсээниттэн комсомол диэн ыччат түмсүүтэ буоларын уонна комсомоллар хайдах бары бииргэ дойдулара сайдарын туһугар үлэлээн-хамсаан сылдьыбыттарын биллибит.
Биһиги оскуолабыт нуучча тылын уонна литературатын учуутала Лидия Яковлевна комсомолга киирэригэр хайдах курдук долгуйбутун эттэ. Кини комсомол кэккэтигэр киирэ кэлбитин, сааһын ситэ илик диэн, төттөрү ыыппыттар. Онуоха хомойон ытаабыт үһү. Урукку кэм оҕолоро, төһөлөөх долгуйан туран, комсомол кэккэтигэр киирэллэрин истэн сөхтүбүт. Оннук чиэс, бочуот, үрдүк аат эбит – комсомолец буолуу.
Биһиги, аныгы үөрэнээччилэр, итинник түмсүү туһунан өйбүтүгэр да оҕустарбат этибит. Урукку кэм ыччатын лидерэ Алексеева Марфа Ивановна биһиги нэһилиэкпит комсомольскай тэрилтэтин үлэтин туһунан санаан-ахтан ааста. Марфа Ивановна урут биһиги нэһилиэкпитигэр агитбиригээдэ диэни хайдах тэрийбиттэрин, нэһилиэк ыччата бары бииргэ субуотунньуктарга уонна мунньахтарга сылдьарын туһунан сиһилии кэпсээбитин астына иһиттибит.
Библиотека үлэһитэ Трифонова Альбина Валерьевна биһиэхэ Комсомол 100 сылыгар анаммыт кинигэ быыстапкатын көрдөрдө уонна нэһилиэкпит комсомолецтара агит биригээдэлэргэ, субуотунньуктарга сылдьан түспүт хаартыскалаах стендэни билиһиннэрдэ. Түмүккэ Альбина Валерьевна тэрийбит фотозонатыгар хаартыскаҕа түстүбүт.
Комсомол кэккэтигэр сылдьыбыт дьон эдэр саастарын кэрэ-бэлиэ түгэннэрин ис сүрэхтэриттэн ахталлар уонна саныыллар. Биһиги, билиҥҥи кэм ыччата, быйыл 100 сылын бэлиэтиир Комсомол хаһан да симэлийэн умнуллуо суоҕа диэн санааҕа кэллибит. Бары комсомолецтарга үтүөнү эрэ баҕарабыт.
Саяна Лукина, Хаҥалас улууһун II Малдьаҕар орто оскуолатын
VI кылааһын үөрэнээччитэ.
«Бөртө кэскилэ» пост.
Хаҥалас, Улахан Аан.