Сайылыгым барахсан
Дьэдьэн уга киэргэллээх,
Хатыҥ-чараҥ алардаах,
Отон уга оһуордаах,
Бэстээх үрдүк мырааннаах.
(Н. Ефремов тыла)
Биһиги Амма улууһун биир кэрэ айылҕалаах, улуус кииниттэн 80 км тэйиччи сиргэ сытар, Амма Наахара нэһилиэгэр олоробут. Биһиги нэһилиэкпит баай историялаах. Элбэх үлэһит, үөрэхтээх, билиилээх дьон тахсыбыттара.
Биир дойдулаахпыт, краевед Лаврентий Лаврентьевич Александров кинигэҕэ суруйуутуттун: «Амма Наахара тойон Наахараттан төрүттээх, кини Тыгын Тойон кэмигэр олорон ааспыта. История кэпсииринэн, кини сүрдээх күүстээх санаалаах, өһөс, сороҕор куруубай хааннаах киһи эбит. Хас да уоллааҕа, олоро алта Наахара нэһилиэгин баһылыктара буолбуттара…
Түҥ былыргыттан дьон Амма өрүс кытылларынан, Амма Наахара сирдэринэн сөбүлээн олорбуттар. Ол туоһутунан хайалар сирэйдэригэр ойууламмыт суруктар буолаллар».
Билиҥҥи туругунан Амма Наахара нэһилиэгэр үөрэнэргэ-үлэлииргэ туох баар усулуобуйа барыта баар дии саныыбын. Биһиги 2013 сылга тутуллан киирбит таас оскуолаҕа үөрэнэбит, кырачааннар саҥа таас уһуйааҥҥа сылдьаллар. Эдэр ыччат спортивнай залга дьарыктанар. Ханна да бардарбыт өрүү дойдубутун ахтан аҕай кэлэбит.
Мин Амма Наахара нэһилиэгин баһылыгын, Захар Семенович Александровтыын көрсөн кэпсэттим.
– Үтүө күнүнэн! Захар Семенович, баһаалыста бэйэҕин билиһиннэриэҥ дуо?
— Мин Амма Наахара төрүт олохтооҕо буолабын, Федора Романовна уонна Семен Александрович Александровтар дьиэ кэргэн иккис оҕолоробун. Убайым Анатолий Дьокуускайга урбаанньыт, балтым Зоя – Дьокуускай куоракка уһуйааҥҥа логопедынан үлэлиир. Биһиги убаастыыр-ытыктыыр эбээлээхпит, Зоя Семеновна Александрова диэн. Кини Александровтар педагогическай династия салайааччыта.
– Захар Семенович, нэһилиэк историятыттан сырдатыаҥ дуо?
– Амма Наахара нэһилиэгэ сүрдээх баай историялаах, үлэһит дьонунан биллэр. Ол курдук Социалистическай Үлэ дьоруойа Петр Ионович Яковлев биһиги биир дойдулаахпыт, кини биир ынахтан 5432 кг үүтү ыабыта. Краевед, документалист-суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев 85 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиибит. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, краевед, салайааччы Лаврентий Лаврентьевич Александров, хайыһарга сүүрүүгэ бастакы спорт маастара Егор Иванович Григорьев, Амматтан тустууга маҥнайгы ССРС спордун маастара Николай Николаевич Никитин, сахалартан бастакы греко-римскэй тустууга спорт маастара, суруйааччы Дмитрий Гаврильевич Максимов уо.д.а. Амма Наахара сириттэн-уотуттан тахсыбыттара.
– Билиҥҥи туругунан нэһилиэкпитигэр төһө киһи олороруй?
– Нэһилиэкпитигэр барыта 637 киһи баара бэлиэтэнэр. Оскуолаҕа 92 оҕо үөрэнэр, «Дуораанчык» уһуйааҥҥа 53 оҕо сылдьар.
– Биһиги нэһилиэк сүөһү-сылгы иитиитинэн дьарыктанар, ону таһынан өссө туох дьарыктаахпытый?
– Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанабыт, сылгыбыт ахсаана 500-тэн тахса, сүөһү ахсаана 250. Нэһилиэкпит территорията Амма улууһун улахан аҥаарын ылар, онон маһынан дьарыктанар дьоннор бааллар. Кинилэр пиломатырыйаал оҥорон таһаараллар, швырок атыылыыллар.
Сайыҥҥы өттүгэр «Өнтө», «Аммалыын алтыһыы» туристическай базалар үлэлииллэр. Дьон сөбүлээн сынньанар. Онон биһиги нэһилиэккэ эдэр ыччат бэйэтин сөбүлүүр дьарыгынан үлэлиир.
– Захар Семенович, түмүккэ оҕолорго баҕа санааҥ?
– Оҕолорго чэгиэн-чэбдик буолуҥ, чөл олоҕу өрө тутуҥ, спордунан дьарыктаныҥ диэн баҕа санаабын этэбин. Үөрэхтээх дьон буолан, төрөөбүт сиргитигэр кэлэн үлэлээн, үтүө-мааны дьон буолуҥ!
– Захар Семенович, быыс булан сэһэргэспиккэр махтал! Үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!
Захар Семеновичтыын кэпсэтиини бу видеоҕа киирэн көрүҥ.
Яна Егорова, VIII кылаас,
«Аартык» медиакиин
Амма Наахара, Амма