Биһиги нэһилиэкпитигэр Хадаарга аҕа саастаах көлүөнэҕэ улахан болҕомто ууруллар. Нэһилиэккэ олорон, үлэлээн ааспыт ытык дьон ааттарын умнубаттар, оҕолорго, ыччаттарга тиэрдэллэр. Аттыбытыгар баар аҕа саастаах дьоннорбутугар болҕомтолоохтук сыһыаннаһабыт. Дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол туһунан кылгастык сырдатыахпын баҕарабын.
Көлүөнэни ситимниир кинигэ
Көлүөнэ ситимин олохтуурга кинигэни оҥорон таһаарыы улахан суолталаах эбит дии санаатым. “Улахан үлэ далааһыннаах, улахан олох салҕааһыннаах” диэн альбом-кинигэ сүрэхтэниитигэр сылдьан баран итинник толкуйга кэллим. Бу саҥа кинигэ тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун хоту көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, Булуҥ оройуонун уонна Хадаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Михаил Михайлович Мартьянов төрөөбүтэ 100 сылыгар ананан тахсыбыт.
Олус истиҥ ахтыы киэһэҕэ Михаил Михайловиһы өйдүүр, кинини тыыннааҕар көрбүт аҕа саастаах дьон, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, нэһилиэк олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Элбэх ахтыы оҥоһулунна, эҕэрдэ тыллар этилиннилэр.
Кинигэ ааптара, биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Вера Никитична Старкова быһа сибээскэ холбонон, кинигэ ис тутулун туһунан кэпсээтэ.
Бу кинигэ үүнэр ыччакка үйэлэргэ үтүө өйдөбүл буола туруо диэн эрэнэбин.
Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин
Биһиги оскуолабытыгар тимуровскай үлэ ситимин быспакка ыытыллар. Оҕолор нэһилиэк кырдьаҕастарыгар куруук көмөҕө тиийэбит. Ол биһиги оскуолабытыгар олохсуйбут үгэс буолар. Онон ким да туора турбат.
Оттон кырдьаҕастар алгыстарын аныыллар, үтүө тыллары этэллэр. Ол биһиэхэ олус туһалаах, өйбүтүн-санаабытын олох үтүө өттүгэр салайан биэрэр.
Аҕам саастаахтар күннэригэр нэһилиэкпитигэр олус үчүгэй, истиҥ тэрээһин буолан ааспытын умнубаппын. Тэрээһин саҕаланыытыгар алгысчыт Мария Петровна Божедонова ыалдьыттары арчылаабыта, аал уотун аһаппыта. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Зарина Егоровна Лукина, “Алгыс” бэтэрээннэр түмсүүлэрин салайааччыта Мария Романовна Решетникова эҕэрдэ тылларын анаабыттара.
Мин бу тэрээһиҥҥэ “кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин” диэн өс хоһоону ордук чугастык өйдөөбүтүм.
Алена КСЕНАФОНТОВА, VII кылаас, Хадаар, Чурапчы