Алтынньы бүтүүтүгэр Муома орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччилэригэр аналлаах оҕо 15 сааһын бэлиэтиир сахалыы сиэр-туом тэрээһинэ ыытылынна.
Уол-кыыс оҕо15 сааһыттан айыытын уота сардаҥаран тахсан, тас көрүҥэр, быһыытыгар биллэр-көстөр буолар. Сардаҥа уота сыдьаайарыттан кыыс оҕо кэрэтэ өтөн тахсар, уол оҕо хоһууна хото тахсар.
Бу күн Муома оскуолатыгар саламанан симэммит саалаҕа сахалыы таҥастаах төрөппүттэр, оҕолор, учууталлар толору муһуннулар. Өбүгэ аһын астаан аҕалан, сандалы остуолу дэлэгэйдик тартылар.
Оҕолору боҕуруускай отунан арчылаатылар, лыҥкынас чуорааны тыаһатан ыраастаатылар.
Ийэлэр бу күҥҥэ аналлаах бэлэхтэрин алҕаан туттардылар: уолаттарга — үрүҥ сылгы сиэлэ сүүмэхтээх харысхал, кыргыттарга — илин кэбиһэр. Бу бэлэхтэр харыстыыр, саха буолалларын көрдөрөр бэлиэ суолталаахтар.
Тэрээһиҥҥэ Муома алын сүһүөх оскуолатын «Төрөппүт албан аата» түмэлин салайааччыта Антонина Яковлевна Слепцова мааны ыалдьыт буолан кэлэн, өбүгэлэрбит былыр туттубут малларын (чугуун өтүүк, мамонт муоһа, чааркаан) аҕалан аналларын, оҥоһууларын олус интэриэһинэйдик сырдатта. Оскуолабыт үлэһиттэрэ оҕолорго анаан маастар-кылаастары сэргэхтик ыыттылар. Ол курдук, соцпедагог И.П.Софронова кыргыттарга сиэлинэн оҥоһугу көрдөрдө, учуутал Г.К.Соркомов уолаттарга туһах оҥоһуутун, хайдах иитэри быһаарда. Оҕолор да, улахан да дьон сүрдээҕин сэҥээрдилэр.
Тэрээһин кэмигэр ийэлэр О.А.Уваровская, Т.Н.Потапова алгыстаах алаадьыны астаан аҕалан, алаадьы сытынан сааланы арчылаатылар, бар дьону күндүлээтилэр. Оҕолор төрөппүттэрин кытта өбүгэ оонньууларын оонньоон көрү-нары тартылар.
Кэнчээри кэскилбитигэр, күндү оҕолорбутугар бу күн этиллибит сырдык санаалар тиийдиннэр! Алгыс баһа сыаланнын, эҕэрдэ тыла эҥэрдэстин!
«Сардаҥа саас» малааһынын тэрийэн ыыттылар саха тылын методическай холбоһугун учууталлара Т. И.Данилова, С.Е.Винокурова.