Мин харбааһынынан үһүс сылбын дьарыктанабын. Харбааһын туохха көмөлөһөрүй? Киһи тыынар уорганнара үчүгэйдик үлэлииллэригэр уонна киһиэхэ күүс-уох биэрэр. Ол курдук, үс сыл дьарыктанан, 50 м усталаах көҥүл харбааһыҥҥа уонна иккис юношескай разрядка III миэстэ буолбутум. Миигин сөпкө, түргэнник харбыырга тренерим Наталья Гаврильевна Иванова үөрэппитэ.
Мин тренербин наһаа таптыыбын уонна тренердэр күннэринэн эҕэрдэлиибин. Оҕолор, сатаан харбыыр буолуу доруобуйаҕа да туһалаах, олоххо да наада, онон спорт бу көрүҥүн баһылааҥ.
Ребекка Чикачёва, Саха гимназия III «В» кылааһын үөрэнээччитэ, «Эдкор» пост кэрэспэдьиэнэ.