Балаҕан ыйын 19 күнэ — Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Чурапчы оройуонун холкуостарын хоту күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ барбыт дьону ахтан-санаан ааһар Кэриэстэбил күнэ.
1942 сыллаахха Чурапчы 41 холкуоһун хоту улуустарга балыктааһыҥҥа көһөрүүгэ, хас биирдии киһини бэйэтин кытта 16 киилэ ыйааһыннаах маллаах-саллаах, туох да бэлэмэ суох, ыыппыттара. Барыта биэс тыһыынчаттан тахса киһи көһөрүллүбүтүттэн, икки тыһыынча кэриҥэ киһи суорума суолламмыта…
«Учуутал — оҕоҕо» подкаст рубрикаҕа ол алдьархайдаах ыарахан кэмнэр тустарынан Чурапчы улууһун Д.Г. Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын музейын салайааччыта, учуутал Семен Васильевич Местников кэпсиир.
keskil14.ru