Сайыҥҥы сынньалаҥ элбэх умнуллубат үтүө түгэннэри бэлэхтиир. Ол курдук, атырдьах ыйын 1-15 күннэригэр Чөркөөххө «Сардаана» лааҕырга сылдьан, туойунан дьарыктанным. Уопсайа, 12 оҕо Ытык Күөлтэн, Чөркөөхтөн, Туора Күөлтэн уонна Уолбаттан олус эйэлээхтик сылдьан, күннэрбит биллибэккэ аастылар.
Бастакы күннэргэ лааҕыр аһыллыыта буолбута. Онтон кэлэр күннэргэ туойунан дьарыктаммыппыт. Салаайааччыбыт Светлана Ананьевна туойунан оҥоһук оҥоруу арааһынай тиэхиньикэтигэр үөрэттэ: пластынан, жгутунан көҥдөй иһиттэри оҥордубут. Икки күн Кыйыттан норуот маастара Ульяна Васильевна Матвеева кэлэн, гончарнай станокка үлэлииргэ үөрэттэ. Бастыкы күн бэйэтин оҥоһуктарын, араас быыстапкаларга кыттыбытын туһунан кэпсээн сөхтөрдө. Ол кэннэ бука бары станокка чааскы оҥордубут. Ону таһынан харысхаллары оҥорорго үөрэттэ.
Лааҕырга сылдьан хас да оноһугу онордум: кытыйа, көмүлүөк, харысхаллар, буруолатар балаҕан, магниттар, сувенирнай куоска уонна чааскы. Туойга үөрэнэрбитин таһынан аһаҕас халлаан анныгар Суорун Омоллоон олохтообут политическай сыылка историятын кэпсиир түмэлигэр уонна Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар сырыттыбыт. Бу курдук бары бииргэ оонньоон-көрүлээн олус үчүгэйдик сынньанныбыт, саҥаҕа үөрэннибит, сонуну биллибит, элбэх доҕордоннубут. Лааҕыр сабыллыытыгар хас биирдиибитигэр бырааһынньыктааҕы аһылыгы уонна минньигэс кэһиини туҥэттилэр.
Туойунан үлэлиир наһаа интэриэһинэй уонна киһини сайыннарар, үөрэтэр дьарык эбит. Сайыммын туһалаахтык, умнуллубаттык атаардым.
Ангелина ДАНИЛОВА,
Х кылаас, В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, Таатта.