Былыр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук нэһилиэгэ биир киэҥ уонна баай олохтоох нэһилиэгэ этэ. Улахан баай дьон үөскээн ааспыт сирдэрэ. Ону кытта нэһилиэнньэ алын араҥата дьадаҥы, хамначчыт, кумалаан олохтоохторо эмиэ бааллара. Мэҥэ Хаҥаласка сир боппуруоһа сытыытык турара. Үгүс мөккүөрү ылара.
Билэрбит курдук, Мэҥэ Хаҥалас сиригэр Манчаары Баһылай төрөөн- үөскээн олорбута. Бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха историятыгар киирбит киһи буолар. Манчаары толору аата Василий Федорович Слободчиков. 1805 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Арыылаах диэн алааска (Урукку Нөөрүктээйи нэһилиэгин, күн бүгүн Мэҥэ – Хаҥалас улууһун Бөкө нэһилиэгин сирэ) Федор Быттааны Ханчадаев дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Манчаары Баһылай сүрдээх күүстээх, бэйэтин кыанар киһи диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Дьадаҥытык үөскээбит, атаҕастабылы билбит буолан, бэйэтин харыстанара. Баттаныыны сөбүлээбэтэ. Кыамматтарга көмөлөһө сатыыра. Кини оччоотооҕу олох баай батталын утары охсуһара, дьон бары биир тэҥ олохтоох буолуон баҕарара.
Манчаары тутта сылдьыбыт батыйата билигин К.К.Байкалов аатынан Моорук нэһилиэгин музейыгар хараллан сытар. Бу батыйа историятын Александра Робертовна Уваровская, музей салайааччыта кэпсиирин сэргиэҕиҥ:
«Мин музейга 2019 сылтан үлэлиибин. Бүгүҥҥү күҥҥэ 2026 фондалаахпыт. РФ уонна СӨ культуратын туйгуна Тамара Константиновна Апросимова аатынан культура киинин иһинэн үлэлиир, К.К.Байкалов аатынан нэһилиэк историятын музейа аан маҥнай 1967 сыллаахха нэһилиэк кыраайы үөрэтэр музейа диэн арыллыбыта. Кэлин 1983 сылтан Гражданскай сэрии Геройа, үс революция кыттыылааҕа, Саха АССР военнай командира К.К.Байкалов аатынан мемориальнай музей буолбута. Өр кэмҥэ Моорук оскуолатыгар директорынан үлэлээбит, энтузиаст, спортсмен Никон Михеевич Ермолаев төрүттээбитэ. Онтон Манчаары сырыыларын үөрэппит, чинчийбит нэһилиэк Ытык Сүбэ кырдьаҕаһа, төрүччүнү үөрэтээччи, Саха АССР үтүөлээх учуутала, краевед Апполон Михайлович Апросимов буолар.
Билигин саамай харыстыыр экспонаппыт Манчаары Баһылай бэйэтэ тутта сылдьыбыт батыйата буолар. Саха быһаҕын кэнниттэн биир биллэр бииллээх сэбинэн батыйа буолар. Батыйа диэн батас диэн сахалыы тыл кыччатыллан ааттаммыт өйдөбүлэ. Онон батыйа өйдөбүлэ «кыра батас» диэн. Быһыыта саха быһаҕар майгынныыр, биитин ортотугар диэри кэтирээн баран, уһугар диэри синньиир. Атына диэн быһах оҥхоҕор хорууга үөһэ уҥа сирэйигэр баар буоллаҕына, батыйа киэнэ хаҥас сирэйигэр, кэтэҕэр баар. Батыйанан батары анньаллар эбэтэр охсоллор. Былыргы эр киһи барыта кэриэтэ туттар тэрилэ. Бултуурга даҕаны, дьиэҕэ – уокка даҕаны, ону кытта бэйэни да көмүскэнэргэ. Батас диэн тыл былыргы түүрдүү «Бат» уонна «Ас» диэн тыллар холбоспуттарыттан «Батары ас» диэн суолталаах үөскээбитэ буолуо диэн сабаҕалааһын баар. Саха боотура сэриигэ өстөөҕүн быһа охсоругар, батары анньарыгар олус мындыр, тупсаҕай оҥоһуулаах, ол гынан баран чахчы дьулааннаах, кыргыс кэминээҕи өлөрсөр – өһөрсөр сэбэ. Бу батыйаны Манчаары кэрэ бэйэлээх Бэрт Маарыйаҕа ыалдьыттыы киирэн тутулларыгар былдьаппыт. Ол туһунан Саха биллиилээх суруйааччыта А.Е. Кулаковскай «Манчаары» диэн сэһэнигэр суруйан турар. Манчаарыны куоракка утаарбыттар, онтон батыйа Бэрт Маарыйаҕа хаалбыт. Бэрт Маарыйа уолуттан сыдьааннарыгар бэриллэн испит. Кэлин 1967 сыллаахха учуутал Василий Иванович Сосин Батыйаны Моорук оскуолатын музейыгар бэлэхтээбитэ. Онтон 1968 сыллаахха Суола Моорук оскуолатын музейыгар батыйа тиийбитэ.
Манчаары батыйатын уопсай уһуна – 79, 5 см. Батыйа кылыһын уһуна 35 см тиийэр, сирэйигэр чаҥ алтантан оҥоһуллубут үс боҕуска кыбытык киэргэллээх. Уга тириинэн эриллэн бөҕөргөтүллүбүт. Билигин бу батыйа Суола – Моорук нэһилиэгин кыраайы үөрэтэр музейыгар экспонат буолан ууруллан сытар».
Норуот Манчаары туһунан элбэх сэһэннэри, кэпсээннэри, ырыалары айбыта. Манчаары обраһыгар үлэһит саха сырдык ырата, батталы утары охсуһар дьулуура, кылаассабай өйө-санаата уһуктуута түмүллүбүттэрэ. Манчаары батыйатын Моорук Суолатыгар тиийдэххитинэ хайаан да көрөөрүҥ, сэргээриҥ.
Нюргуяна Захарова