От ыйын 8-9 күннэригэр Дьокуускай куоракка «Родословие народов Республики Саха (Якутия) — Төрүччү төлкөтө» диэн Саха сирин норуоттарын төрүччүлэрин үөрэтэр, чинчийэр II сийиэһэ ыытылла турар. От ыйын 8 күнүгэр Емельян Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлигэр IV өрөспүүбүлүкэтээҕи «Моя Родословная» куонкурус-быыстапка турда.
«Мин Төрүччүм» куонкурус-быыстапка 1 ый устата туруоҕа. Ол курдук, дьон атын үлэлэри эрэ сыаналаабакка, бэйэлэрин чинчийиилэригэр уопут ылалларыгар көрдөрүү буолар. Манна уопсайа 30-тан тахса үлэни турда, 14 – үөрэнээччилэр үлэлэрэ.
Наталья Николаевна Малышева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччыта: Бүгүҥҥү тэрээһин Национальнай архыып уонна Култуура Министиэристибэтин көҕүлээһининэн төрдүс өрөспүүбүлүкэтээҕи выставка буолар. Сүрүн хайысхата – архыып докумуонугар оҥоһуллубут төрүччү үлэлэрэ. Манна кыра оҕоттон саҕалаан дьон бары кыттыыны ыла сылдьар. Үөрэнээччилэр бырайыактарынан ситимнээн «Инникигэ Хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытталларыгар улахан олук уурар, онон төрүччүнү үөрэтии улахан хабааннаах киэҥ-куоҥ чинчийии буолар. Сүрүннээн үөрэнээччилэр учууталларын эбэтэр төрөппүттэрин кытта бырайыак оҥорон саҕалыыллар.
Миша Бютяев, Саха политехническай лиссиэй, II кылааһын үөрэнээччитин «Удивительные факты из жизни моих предков» төрүччүтэ: Хос-хос-хос-хос Кесей диэн ааттаах эһэм Аляскаттан индеец төрүттээх кыыһы кэргэн ылан Дьокуускайга күрэтэн аҕалбытын историятынан олоҕуран төрүччү оҥорбутум. Хос-хос-хос-хос эһээм суолунан «Путь дедушки Кесея» диэн тэттик оонньуу оҥорбуппут, ону таһынан сырыытын туһунан иллюстративнай уруһуй бэлэмнээбиппит.
Вова Ким, Дьокуускайдааҕы 34 нүөмэрдээх оскуолатын, V кылааһын үөрэнээчитин төрүччүтэ: Бэйэтин 5 көлүөнэтигэр диэри үөрэппит, бу үлэтинэн коррекционнай оскуолаҕа «Гордость школы» ааты ылбытым. Мин бу чинчийибиинэн «Инникигэ Хардыы» кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттабын.
Ол курдук, быыстапкаҕа уопсайа 14 оҕо үлэтэ киирбит, ол курдук алыҥ кылаастан үрдүкү кылаастарга диэри тиийэ кыттыыны ыллылар, бу көрдөрүү оҕо бэйэтин төрүччүтүн сөбүлээн үөрэтэрин туоһулуур. Хас биирдии оҕо 4-5 көлүөнэнэн муҥурдамакка, сыл ахсын үлэлэрэ чинчийиллэн, дириҥээн иһэр. Быыстапкаҕа турбут үлэ киһи сатабылынан, үлэ тутулунан хааччаҕа суох.