Бэс ыйын 15 күнүгэр Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэр баар бассейҥҥа 10 буолан сөтүөлээн кэллибит. Олохтоох дьаһалта бу сырыыны тэрийэн, анал дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин сынньатта.
Биһиги бу бассейҥҥа бастакыбытын сырыттыбыт. Киэҥ, ыраас, сылаас эбит. Биир инструктор уонна медик бааллар. Сүбэлииллэр, сэрэтэллэр. Биир чаас биллибэккэ ааста. Биһиги харбыырга үөрэннибит.
Бэс ыйын сөрүүн күннэригэр бассейҥҥа бары баран кэлбиппит үчүгэй. Бассейн үлэһиттэригэр уонна олохтоох дьаһалтаҕа махтанабыт.
Стас уонна Влад Громовтар, Улахан Аан.