Быйыл П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын туолар. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн 1983 сыллаахтан, бастаан Чөркөөх оскуолатын иһинэн ыытыллар, салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Россиятааҕы таһымҥа тахсыбыт «Ойуунускай ааҕыылара» буолаллар.
Мира Самырова, «Ойуунускай ааҕыыларын» 1993 с. кыайыылааҕа, Ньурба улууһун Маалыкай оскуолатын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала:
— Маҥнайгы учууталым Аграфена Ивановна Аржакова 6 саастаахпар бастакы кылааска Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыы тиэкиһин «нойосуус үөрэт” диэн туттаран кэбиспитэ уонна олоҥхо дьоруойдара хайдах туттан-хаптан ыллыылларын-туойалларын барытын көрдөрөн, наһаа үчүгэйдик үөрэппитэ. Онон 1993 с. Ойуунускай 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан ыытыллыбыт «Ойуунускай ааҕыыларыгар» олоҥхоһуттар күрэхтэригэр бастаабытым. Оччолорго 8 саастаах этим. Ол сайын Таатта ыһыаҕар Россия оччотооҕу Президенэ Борис Ельцин Тааттаҕа ытык ыалдьыт буолан кэлэ сылдьыбыта, кини иннигэр эмиэ олоҥхолообутум. Ельцин миигин хайҕаабытын, илии тутуспуппун өйдүүбүн.
Ол сыл кыһыныгар Ойуунускай 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ Парижка ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар олоҥхолообутум. Онно Президент Михаил Николаевы кытта сиэтэн илдьэн көрүһүннэрбиттэрэ. Михаил Ефимович төбөм оройуттан сыллаан ылбыта уонна Микки Маус уруһуйдаах үрүксээги бэлэхтээбитэ.
Оҕо сылдьан олоҥхону толорбутум миэхэ туһалаабыта, үөрэхпэр да көмөлөспүтэ. Олоҥхо оҕону эргиччи сайыннарар эбит дии саныыбын.
Ойуунускай — үйэҕэ биирдэ төрүүр улуу киһи буоллаҕа. Саха норуотун сайдыытыгар оҥорбут үтүө өҥөтө үйэлэр тухары умнуллуо суоҕа диэн эрэнэбин!