Саха сиригэр саас аайы халааҥҥа бэлэмнэнэр үлэ тиһигин быспакка бара турар диэн хаhыакка суруйаллар, радионан-телевизорынан кэпсииллэр.
Биhиэхэ, Томпо улууhун Саhыл нэhилиэгэр, 2000-2001 сылларга халаан уута тахсан, 100% ууга баран Саhыл нэhилиэгин мэччирэң, ходуhа, бааhына сирдэригэр, ойуурга эрэ буолбакка, киhиэхэ улахан хоромньуну оҥорбута. Ордук бастакы 2000 сылга. Онно ынах сүɵhү: СПК «Кэскил» — 41, чааhынай ыал- 34, сылгы: СПК «Кэскил» отчуоттара көстүбэккэ аа5ыллыбатах, олохтоох дьон кэпсээнинэн а5ыйах эрэ ордубут. Чааhынай – 25 сылгы, 3 сибиинньэ, 133 куурусса ууга былдьаммыттара.
Дьэ ол иhин, саас аайы олохтоохтор утуйар ууларын умнан, наар ɵрүс кэтэбилигэр сылдьаллар. Кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ бу тиэмэ тула уонна быйыл этэҥҥэ эрэ барыта аастын диэн…
Урут биhиги нэhилиэккэ главалыы сылдьыбыт, «Үлэ бэтэрээнэ», Саhыл нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, билигин КСК дириэктэрэ, «Саха республикатын культуратын Үтүɵлээх үлэhитэ» Охлопков Федор Николаевиhы кытта кэпсэттибит:
– Федор Николаевич, эн халааны бохсорго үлэлээбит уопуттаах киһигин. Эн санааҕар, быйылгы халаан хайдах буолуой?
– Саха сиригэр быйыл саас хаарбыт ɵлгɵмнүк түспүтэ. Онон хаар халыҥ, уу элбэх буолуо. Итини күнү-дьылы кэтиир-сылыктыыр дьон этиилэрэ бигэргэтэр. Уулаах дьыл буолуо дии саныыбын мин эмиэ. Муус харыыта тахсыа суоҕа, тоҕо диэтэххэ, муус былырыыннытааҕар лаппа чараас.
– Дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу этиэҥ этэй?
–Нэhилиэгим дьоно өбүгэ үгэhин тутуhан олорор. Сомоҕоhуулаах буолан, 2000-2001 сыллардаахха ыарахаттары этэҥҥэ туораабыппыт. Быйыл барыта этэҥҥэ буолуо диэн бɵҕɵх санаалаахпыт.
– Федор Николаевич, биhиэхэ өйдөнөргына быһааран биэрбиккэр махтал!
Кэпсэттэ: Фролкин Тимур, Ефим Егорович Протопопов аатынан
Саhыл орто оскуолатын 8-с кылааhын үɵрэнээччитэ.
Томпо улууhа,Саhыл нэhилиэгэ