Нам улууһугар быйыл мэлдьи тыаллаах күннэр буоллулар, күүстээх тыал туһэр, ардыгар уоскуйан ыраас халлаан буолан ылар. Ол да буоллар, халлаан туруга мэлдьи уларыйа турар. Онон быйылгы сайыммыт хайдах эрэ ураты баҕайытык саҕаланна диэн этэр тустаахпын.
Мин санаабар, халаан уута айылҕаттан бэйэтиттэн тутулуктаах, күн-дьыл сигилитэ хайдах буоларыттын, хайдах итии сайын сыыйа кэлэн иһэриттэн.
Быйыл сүрдээх уустуктардаах дьыл үүннэ. Бу кыһын хаарбыт олус халыҥ этэ, хайа да дьыллаарга маннык халыҥ хаар буолбатаҕа. Ол гынан баран халаан уутун кэлиитэ бу хаартан тутулуга суох. Айылҕа хаары хайдах уулларарыттан эрэ тутулуктаах. Эмискэ сылытан, хаары ириэрдэҕинэ — улахан уу кэлиэҕэ. Онтон хаартан улахан уу кэлбэтэҕинэ улахан куттал суох.
Ол гынан баран, сылын аайы намыһах турар нэһилиэктэр ууга барар кутталлаахтар. Онон Нам олохтоохторо эрдэттэн уу кэлиитигэр бэлэмнэнэллэр. Холобура быйыл хаар ууллуутун саҕана оройуон ортотун толору уу бүрүйдэ. Олуһун диэн элбэх ыал бу сылга ууга барда.
Урукку кэмҥэ нэһилиэк иһигэр ханаабалаах этибит, хаар уута онно түһэр этэ. Билигин ханаабаларбыт сабыллыбыттар. Сорох дьон бу проблеманы быһаартараары администрацияҕа тиийэн үҥсэргииллэр да – ону ким да наадыйбат. Хомойуох иһин, Нам улууһугар үгүс дьон тэлгэһэлэрин уу ылбыт.
Матырыйаалы суруйда «Прожектор» медиа организация корреспондена,
9 «Б» кылаас үөрэнээччитэ Санников Влад,
Нам орто оскуолата.