Мин И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Матвеев Юлиан диэн буолабын. 2010 сыллаахха муус устар ый 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Кэнтик дэриэбинэтигэр Матвеевтар диэн эдэр ыалга иккис уол оҕонон күн сирин көрбүтүм. Юлиан диэн латыынтан тахсыбыт сэдэх ааппын ийэм айар куттаах, талааннаах, туруоруммут сыалын ситиһэр киһи буоллун диэн сүрэхтээбит. Дьонум таптаан Юлик, табаарыстарым Юлий диэн ыңыраллар.
Мин дьиэ кэргэним-мин дьоллоох биһигим буолар. Биһиги ыал ыраас кэрэ айылҕалаах Сулҕаччы нэһилиэгин Набережнай уулусса 16-гар дьоҕус эрээри сылаас, киһи кута-сүрэ тохтуур мас дьиэтигэр олоробут. (ийэм ырыата)
Ийэлээтэр ийэм Александра Николаевна Киристэпиэл Махсыымап аатынан Сулҕаччытааҕы кулуупка уус-уран салайааччынан үлэлиир. Мин ийэм биһиги иэримэ дьиэбит иэйиэхситэ, араңаччыта буолар. Сылаалаах үлэтин кэмигэр быыс булан биһигини көрөр-харайар, үтүөҕэ-кэрэҕэ үөрэтэр. Ийэбин олус талааннаах дии саныыбын, олохпор холобур оностобун. Кини олус учугэйдик ыллыырын таьынан бэйэтэ мелодия айар. Ырыа эйгэтигэр Мичийэ диэн аатынан биллэр. Онтон аҕам Михаил Александрович суоппар, билигин дойдутугар Кэнтиккэ олорор. Бииргэ төрөөбүт убайым Дениэль 7-с кылаас үөрэнээччитэ.
Биһиги дьиэ кэргэн үлэлиирбитин себулуубут. Хас биирдиибит сүрүн үлэбит, үөрэхпит таһынан бэйэбит толорор эбээһинэстээхпит. Холобура, ийэм күннээҕи эрээри сүрдээх наадалаах, суолталаах үлэни толорор-ас астыыр, таӊас сууйар, дьиэ хомуйар, таӊас өтүүктүүр, абырахтыыр. Биһиги убайбытынаан ийэбит «эһиги сүрүн үлэҕит-үөрэх» диирин үрдүнэн туора турбакка киниэхэ көмөлөһөбүт. Ол курдук алаадьы, блины, панкейк буһарабыт, миин-торуой астыыбыт, дьиэ сууйабыт, быыл сотобут, хаар күрдьэбит, мас-муус кыстыыбыт, бөх тоҕобут. Саас бары бииргэ дьиэ таһын хомуйабыт, оҕуруот олордобут, сайынын ону бүөбэйдиибит, күһүнүн хомуйабыт. Бу биһиги ыал бары тэӊӊэ үлэлиир үгэспит буолар.
Маны таһынан үлэни-сынньаланы тэӊӊэ дьүөрэлиибит. Ыалынан муусука алыптаах эйгэтин таптыыбыт, дьиэ кэргэнинэн ыллыыр-туойар дарыктаахпыт. Ол курдук убайбынаан «Добун» уолаттар ансаамбылларыгар ырыаҕа дьарыктанабыт, «Дьиэрэй» төрүт дорҕоон бөлөҕөр кырыымпаҕа оонньуубун. Араас таһымнаах күрэххэ кыттан лауреат, дипломант буолабыт. Буруолуу сылдьар ситиһиибит- Нижнэй Новгород куоракка «Фолк Сулус» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх кыайыылахтарынан буолбуппут.
Ити курдук биһиги
Аныгы үйэ сиэринэн
Сахалыы сайдыылаах
Үлэ, үөрэх аргыстаах
Ырыаны-тойугу биһириир
Үтүө-мааны ыал буолабыт.
Матвеев Юлиан
И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулђаччы орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ