Ыам ыйын 9 күнэ – 1941-1945 сылларга Ийэ дойдуну көмүскээбит саллааттарбытын кэриэстиир күммүт.
Биһиги норуоппут халбаҥнаабат модун санаалаах, хоһуун уонна хорсун эрэ буолан, бу ыарахан сыллары тулуйбута. Онон Аҕа дойдуну көмүскээбит ытык дьоммут хорсун быһыыларыгар, сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн, «Өйдөбүнньүк чүмэчи» акция Аан дойду үрдүнэн ыытыллар. Онно биһиги оскуолабыт сылын аайы кыттар.
Ол курдук, бу күннэргэ Семён Дмитриевич Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн, «Өйдөбүнньүк чүмэчи» уматан туруордулар. Бу акцияҕа кыттар – үрдүк чиэс. Сэриигэ суох буолбут эһэлэрбитин, убайдарбытын ахтан-санаан, кинилэр оҥорбут хорсун быһыыларын холобур оҥостуоҕуҥ, Улуу Кыайыы суолтата өлбөөдүйбэтин диэн ис сүрэхпиттэн этэбин. Барыгытын Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 78 сылын туолар өрөгөйдөөх күнүнэн эҕэрдэлииби!
Кира ГАВРИЛЬЕВА, VI кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы