Аптаныамыйаны ылынар сүрүн докумуоннары оҥоруу 1921 сылтан саҕаламмыта.
Ол курдук, Аптаныамыйа туһунан балаһыанньа ылыныллыбыта, Төрүт Сокуон барыла оҥоһуллан барбыта, үлэлээн иитиллээччилэр бырааптара уонна эбээһинэстэрэ диэн декларация оҥоһуллубута. Саха сиригэр аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ анал туругун иҥэрии боппуруоһун дьүүллэһии балайда уустук усулуобуйаҕа ааспыта. Үгүс улуус уонна уокурук ревкомнарын сийиэстэрэ, үгүс мунньах бөҕө буолан, сорохтор утарсар, сорохтор сөпсөһөр түмүктээх буолуталаабыта. Ол да буоллар дьон-сэргэ саҥа хардыыны олус өйөөбүтэ. Ол иһин 1921 сыл балаҕан ыйыттан саҕалаан буоластарга аптаныамыйаны ылынарга аҕытаассыйалыыр үлэни ыыппыттара. И.Н.Барахов Бүлүү буолаһыгар тиийэн үгүс өйдөтөр үлэни ыыппыта биллэр. Боротокуоллартан көрдөххө үгүс улуустар (оччолорго буоластар) аптаныамыйаны ылыныы өйөөбүттэр. Саҥа көҕүлээһини сөбүлүүллэрин биллэрбиттэр.
Арҕаа-Хаҥалас буолаһыгар балаҕан ыйын 11 күнүнээҕи боротокуолга аптаныамыйаны ылыныы норуот баҕа санаатын туолуута диэбиттэр. Онтон Орто Бүлүүлэр мунньахтаан партия ыытар национальнай бэлиитикэтэ саамай сөптөөх, автономия куорматын биһирээбиттэр. Үөһээ Бүлүү буолаһа маннык бэйэни билинии наадалааҕын ыйбыттар. Үөдүгэй буолаһа аптаныамыйа түргэнник киирэригэр баҕа санааларын тиэрдибиттэр. Сунтаардар партията суох нууччалар уонна сахалар ортолоругар анаан аптаныамыйа туһунан сырдатар үлэни ыытыллыахтаах диэбиттэр. Таатта буолаһын 1-кы, 2-с Игидэй нэһилиэктэрэ Бояров дакылаатын истэн олус биһирээбиттэр. Саха сирин губерниятыгар аптаныамыйа киирэн хамначчыттарга дьоллоох олоҕу аҕаларыгар олус эрэммиттэр. 1-кы Дьохсоҕон, 2-с Игидэй нэһилиэктэрэ үгүс кэпсэтии кэннэ сөпсөспүттэрин туһунан боротокуолга тиһэн халларбыттар. 3- Дьохсоҕон, Дьиэбэгэнэ, Ханньас, Күннэй нэһилиэктэрэ улахан мунньахтарын “Вихри враждебные веют над нами” ырыанан саҕалаабыттар уонна Сэбиэскэй Аптаныамыйа дьоллоох олох туоһута диэн уураах таһаарбыттар. Мастаах буолаһа (Бүлүү) федеративнай автономия киирэригэр бэлэмнэрин туһунан резолюцияҕа бэлиэтээбиттэр. Малдьаҕар (Өлүөхүмэ), Ньурба, Амма, Тулагы уонна Киллэм буоластара, 1-кы Сылаҥ, 1-кы Чакыр (Боотуруускай улуус) агитацияны күүһүрдүөхпүт, сэбиэскэй былаас биэрэр национальнай аптаныамыйаларын сөбүлүүлэрин биллэрбиттэр.
Ити курдук буоластарга норуот мунньахтаан сэтинньигэ диэри сударыстыбаннас саҥа таһымын өйдүүн-сүрэхтиин сөбүлээн, биһирээн ылыммыттар.
Евдокия Семенова, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейын үлэһитэ.