Бибилэтиэкэ урут даҕаны, билиги даҕаны «Ааҕар киһи билиилээх, билиилээх киһи сайдыылаах, сайдыылаах киһи ситиһиилээх» диэн мындыр этиинэн сиэттэрэн үлэлиир.
Оҕолор сааскы сынньалаҥнарын күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ ыытыллар. Оҕо саас кинигэлэрэ хас биирдии киһиэхэ кэрэ кэпсээннээх, умнуллубат үтүө доҕотторо буолаллар. Историяны сэгэттэххэ, аан маҥнайгытын Москва куоракка 1943 сыллаахха, 80 сыл аннараа өттүгэр оҕо суруйааччыта Лев Кассиль көҕүлээһининэн “Кинигэ төрөөбүт күнэ” диэн ааттанан ыытыллыбыта. Бу кэмтэн дойдубут араас куораттарыгар Оҕо кинигэтин күннэрэ ыытыллан барбыттара.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрэ Дьокуускай куорат доруобуйаларынан хаачахтаах оҕолор үөрэнэр анал оскуолаларын үөрэнээччилэрин икки ардыгар үгэс буолбут литературнай оонньууну тэрийдэ. Быйылгы оонньуу 100 сааһын туолар үбүлүөйдээх «Алые паруса» Александр Грин сэһэнигэр олоҕуран «Под парусом книги» диэн ааттанан бэрт сэргэхтик, уратытык ыытылынна. Бу айымньы оҕо классикатын биир биһирэнэр айымньытынан буолар уонна оҕолорго улахан литератураҕа бастакы хардыыны оҥорорго көмөлөһөр суолталаах.
Хамаандалар биэс түһүмэхтээх оонньууга кыһаллан бэлэмнэммиттэрин, айымньыны сиһилии аахпыттарын, суруйааччы Александр Грин олоҕун, айар үлэтин билэллэрин көрдөрдүлэр. «Хапытааннар оонньуулара» түһүмэххэ «Чудеса надо делать своими руками…» диэн ааптар этиитигэр бэйэлэрин санааларын дьоһуннаахтык үллэһиннилэр.
Оҕолор кыайыыга дьулуурдара, айымньыны чахчы ис сүрэхтэринэн ылыммыттара тэрийээччилэри үөртэ. Түмүккэ сүрүн бирииһи – оонньуу көһө сылдьар кубогын тылларыгар кэһиллиилээх өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолор интернат-оскуолаларын «Аврора» хамаандата ылла.
Сэһэҥҥэ этиллэринии «баҕа санаа туолуута хас биирдиибититтэн тутулуктаах… Оҕолоор, онон баҕа сана туоларын туһугар кыһаллын, эрэниҥ, итэҕэйиҥ!» диэн кынаттаах тылларынан ааҕыыны көҕүлүүр биир ураты тэрээһиммит түмүктэннэ.
Ульяна ЧИЧИГИНАРОВА, Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр
анал бибилэтиэкэлэрин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ, Дьокуускай.