Ил Дархаммыт уурааҕынан, 2023 сыл Үлэ сылынан биллэриллибитэ. Эбээн Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэр үлэһит дьоннор элбэхтэр.
Онтон биирдэстэрэ Анна Петровна, Николай Афанасьевич Слепцовтар дьиэ кэргэттэрэ буолаллар. Кинилэр бааһынай хаһаайыстыба тэринэн дьарыктаммыттара ахсыс сыла буолан эрэр.
Бу күннэргэ мин Анна Петровнаны көрсөн, ыйытыыларбар хоруйдууругар көрдөстүм.
– Анна Петровна, эһиги туох санааттан бааһынай хаһаайыстыбанан дьарыктаммыккытый, хаһаайыстыбаҕытыгар тугу иитэҕитий?
– Тыа уһук сиригэр үлэ миэстэтэ аҕыйах буолан уонна «ойуурдаах куобах охтубат» дииллэринии, тыа ыала буоларбыт быһыытынан хаһаайыстыба тэриммиппит. Биһиги дьиэ кэргэн 2016 сылга бааһынай хаһаайыстыба тэринэн аан бастаан сылгы ииттэн дьарыкпытын саҕалаабыппыт. Онтон 2018 сылтан ынах-сүөһүнү тутан, хаһаайыстыбабытын кэҥэппиппит.
– Үлэҕитигэр туох ыарахаттарын көрсөҕүтүй?
– Ыарахаттар айылҕаттан, хайдах дьыл кэлэриттэн тутулуктаахтар дии саныыбын. Ханнык баҕарар үлэ уустуктардаах. Бааһынай хаһаайыстыба диэн аҥардас булан-оҥорон таһааран үлэлиирин эрэ буолбатах. Манна кумааҕы үлэтэ, атыннык эттэххэ, отчуот оҥоруутугар эмиэ ыарахаттар бааллар. Үлэни кыайар киһи уустуктары аахсыбат. Үлэни кыайабын диир буоллаххына, бааһынай хаһаайыстыба тыа сиригэр наада.
– Судаарыстыба бааһынай хаһаайыстыбанан дьарыктанар дьоҥҥо төһө көмөлөһөрүй?
– Судаарыстыба өттүттэн тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга өйөбүлэ баар. Ол курдук сылын ахсын эбии аһылык тиэллэн кэлэрин уйуналлар, окко харгыс тахсыбыт дьылларыгар атын улуустартан от тиэллэн кэлэригэр көмө оҥороллор. Судаарыстыба тэриллиилээх уонна чааһынай хаһаайыстыбаларга саамай улахан өйөбүлэ диэн ыанар ынах төбөтүгэр харчы көрөр.
– Анна Петровна, ыйытыыларбар эппиэттээбиккит иһин улахан махтал!
***
Үлэ киһини эрэ буолбакка дойдубутун Кустуурбутун эмиэ киэргэтэр. Маннык үлэһит дьоннордоох буолан дойдубут күннэтэ үүнэ-сайда, киэргэйэ турар!
Наум НАУМОВ, VIII кылаас,
«Бытантай кэскилэ» пресс-киин юнкора, Кустуур, Эбээн Бытантай.