Муус устар 16 күнүгэр Саха театрыгар поэт Зинаида Архипова хоһооннорунан «Көс кут» диэн дьүһүйүүгэ сырыттым.
Саамай саҕаланыытыгар төгүрүк ыйы сэргэҕэ баайбыттара интэриэһинэй этэ. Ону толкуйдаан бараммын бу түгэн киһи сири-халлааны кытта ыкса сибээстээҕин көрдөрөр диэн санааҕа кэллим.
Зинаида Архипова хоһоонун аан бастаан ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьаммын аахпытым. Ол айпуон туһунан элбэҕи толкуйдатар хоһоон этэ. Хоһооҥҥо этиллэр санаа мин санаабын кытта сөп түбэһэр буолан, бу хоһоону сөбүлээбитим буолуо дии саныыбын.
«Көс кут» диэн дьүһүйүүнү көрөн, артыыстар суруйааччы хоһооннорун аахпыттарын кэнниттэн миэхэ элбэх санаа үөскээтэ.
Холобур, уол оҕо кыайан-хотон кэллэҕинэ «күнү сүгэн киирэҕин» диэн тыллары өйдөөн хааллым. Биһиги, уолаттар, дьиэни сырдатар сүрүн дьон буолар эбиппит диэн киэн тутта санаатым.
Оноҕос туһунан хоһоонугар билигин буола турар анал байыаннай операция тиэмэтин суруйбут дии санаатым. Төһө да ох сааны, оноҕоһу былыргы кэм буойуттара туһаммыттарын иһин, билигин даҕаны кинилэр сүгүн сыппаттар эбит. Улахан айдаан, мөккүөр буоллаҕына, син биир тахса тураллар диэн өйдөөтүм.
Саамай цифровой үйэ туһунан хоһооннорун сөбүлээн иһиттим. «Орто дойду омуннаах олоҕун сиэппэр укта сылдьабын» диэн оруобуна суруйбут. Билигин бары төлөпүөммүтүн сиэппитигэр укта сылдьабыт, сонуну барытын онтон билэбит. Ол эрээри Зинаида Архипова олоххо саамай суолталаах киһи киһиэхэ сыһыана, айылҕа кэрэ көстүүтэ диэн эппитигэр сөпсөһөбүн. Мин бу күн суруйааччыттан «Сахаҥ тылын таптаа!» диэн автограф ыламмын үөрдүм аҕай.
Поэт Зинаида Архипова хоһоонноро кинигэ буолан таҕыстаҕына, сиэппэр укта сылдьан ааҕыам этэ.
Айхал МАТВЕЕВ, X «В» кылаас, 17 №-дээх оскуола, Дьокуускай.