Тааттаҕа Норуот айымньытын дьиэтигэр олунньу ый 27 күнүгэр «Түмсүү- төлкө төрдө» улуустааҕы гражданско – патриотическай форум буолан ааста.
Форум сүрүн соруктарынан оҕолору уонна ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ-үөрэтиигэ үлэни-хамнаһы былааннаан, көдьүүстээх формалары уонна ньымалары туһанан ыччаты гражданскай-патриотическай иитии, ыччат көхтөөх буоларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии буолар.
Бу форумҥа общественнай түмсүүлэр салайааччылара, учууталлар, педагог аҕа сүбэһиттэр, музей үлэһиттэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр, ыччат уонна общественность – уопсайа 192 киһи көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Форум пленарнай чааһыгар тыл эттилэр: Михаил Михайлович Соров – Таатта улууһун Аҕа баһылыга; Мария Егоровна Емельянова – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин общественнай палата чилиэнэ; Алена Гаврильевна Гуляева – Таатта улууһун баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта; Владимир Владимирович Кривошапкин – Таатта улууһун үөрэҕин салаатын начальнига; Петр Никифоров Петрович – Тааттатааҕы уонна Чурапчытааҕы байыаннай комиссариат комиссара, бойобуой дьайыылар ветерана; Ирина Юрьевна Тарасенко – бүтүн Арассыыйатааҕы «Патриот» национальнай бириэмийэ лауреата, “Бэргэн” байыаннай патриотическай кулууп салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна; Иван Федотович Рахлеев – Таатта 32-с нүөмэрдээх баһаары утары охсуһар этэрээтин начальнигын солбуйаачыта, Таатта улууһугар баҕа өттүнэн баһаары умулларар хамаанда салайааччыта, Таатта улууһун моряктарын кулуубун салайааччыта, Хуторской казачье Тааттатааҕы уопсастыбатын атамаана; Александр Дмитриевич Васильев – “Юные Якутяне” Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин методиһа.
Тыл эппиттэр сүрүннээн “Патриотизм диэн бэйэ төрөөбүт дойдутун, дэриэбинэтин таптыырыттан, Арассыыйаҕа олороруттан киэн туттарыттан, дойдутун көмүскүүргэ бэлэмиттэн саҕаланар” диэн кэпсээтилэр.
Урукку кэмҥэ оскуолаларга байыаннай патриотическай үөрэхтээһин хайдахтаах курдук иитэрин-такайарын ахтан санаан аастылар. Саха киһитин быһыытынан сиэрдээх буолар, аҕа саастаах дьоммутугар ытыктабылы оскуола эрдэхтэн оҕолорго үөрэтэр, бары биир сомоҕо буолар тоҕоостооҕун бэлиэтээтилэр.
“Бары биир сыаллаах, түмсүүлээх, күүстээх буоллахпытына барытын ситиһиэхпит, кыайыахпыт” диэтилэр.
Аҕа көлүөнэ оскуоланы кытта бииргэ үлэлээн, оҕолору иитиигэ күүс көмө буоларыгар баҕардылар.
Оскуола оҕолоругар, эдэр ыччакка дойдуларын, Таатта улууһун, саха сирин историятын үөрэтэллэригэр, элбэх билиигэ тардыһалларыгар, эт-хаан өттүнэн чэбдик дьарыктаах буолалларыгар баҕа санааларын эттилэр, инники олохторугар ситиһиилээх дьон буолалларыгар үтүө санааларын тириэртилэр.
Таатта улууһун Аҕа баһылыга Михаил Соров уонна Таатта улууһун үөрэҕин салаатын начальнига Владимир Кривошапкин Арассыыйатааҕы оҕолор уонна ыччат хамсааһыннарын өйүүр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар.
Форум иккис чааһыгар оскуола оҕолоругар уонна ыччакка үс площадканан практическай үлэ ыытылынна:
Иһиттинэрэр – биллэрэр, бэчээт үлэтин сүрүн ис хоһоонун сырдатыы — модератордар: Евдокия Ивановна Сартаева «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин методиһа, Елена Владимировна Слепцова «Таатта» хаһыат шеф- редактора;
Патриотическай иитиигэ аҕа сүбэһиттэрин сүрүн оруола – модератор: Иван Федотович Иванов Таатта улууһун ыччат уонна дьиэ – кэргэн политикатын отделын начальнига;
Оҕо уонна ыччат хамсааһынын саҥа көрүҥнэрэ, сыаллара – модератордар: Айталина Николаевна Николаева Таатта улууһун үөрэҕин салалтатын методическай отдел ведущай специалиһа, Виктория Васильена Николаева ФГБУ “Росдетцентр” региональнай отделын специалиһа, Александр Дмитриевич Васильев “Юные Якутяне” Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин методиһа, Матрена Алексеева — «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин педагог – организатора.
Түмсүү кыттыылаахтара бүгүҥҥү үлэ түмүгүнэн элбэҕи билэн – көрөн, истэн, сүбэ – саргы, инники үлэлэригэр саҥа тыын ылан, сарсыҥҥыларыгар эрэллээх үөрэн- көтөн тарҕастылар.
«Сатабыл» медиа-студията
Тааттатааҕы «Сатабыл»
оҕо айымньытын дьиэтэ.