Мин аатым Иванова Александра, 9 кыл. үөрэнэбин. Олунньу 18-19 күнүгэр Александр Константинович Акимов аатынан Сунтаарга Саха Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах мас тардыһыытын күрэҕэр 70 кг ыйааһыҥҥа кыргыттарга бастакы миэстэ буоллум.
Наһаа үөрдүм , бу иннинэ хаста да кыттыбытым да, куруук 2 уонна 3 миэстэ буолар этим , бу күрэххэ бастаабыппар миигин эрчийбит тириэнэрбэр Архипов Владимир Николаевичка махталым муҥура суох. Быраатым Коля 8 кыл. эмиэ бастаабыта уонна муҥутуур кыайыылаах буолан, 50.000 солк. наҕараадаланна.
Мин мас тардыһыытынан 6-с кылаастан саҕалаан дьарыктанабын, көтүппэккэ эрчиллэбин. Спордунан алын кылаастан саҕалаан дьарыктаммытым. Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит. Эдьиийим эмиэ спортсменка, сүүрүк уонна мас тардыһар этэ. Кини аан бастаан дьиэҕэ аҕалбыт мэтээлин көрөн баран, наһаа ымсыырбытым. Ол кылабачыгас мэтээл харахпар хатанан хаалбыта. Кыра сылдьан, ким буолуоххун баҕараҕын диэтэхтэринэ, учуутал, быраас диэн идэлэри эппэккэ эрэ, «Өрөспүүбүлүкэ чемпиона буолуохпун баҕарабын»- диир үһүбүн.
Улууска бастаан кыттарбар күрэхтэһии дьиҥнээх тыына хайдах буолуохтааҕын дьэ билбитим. Үс ыйынан буолуохтаах өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар бэлэмнэн диэн буолла.
Оччолортон баччааҥҥы диэри тириэнэрим Владимир Николаевич. Манна хара күүс эрэ барытын быһаарбат: тарбаххыттан саҕалаан атаххар тиийэ, түргэнник албаһы оҥоро охсуу, сис улэтэ барыта быһаарар. Көрдөххө, түргэн үлүгэрдик киирсэбит да, элбэх хамсаныы, өй үлэтэ оҥоһуллар. Бастатан туран спорт миэхэ тулууру биэрэр,олох очурдарын чэпчэкитик аһарынарга үөрэтэр.
Бириэмэни сөпкө аттарарга, туһалаахтык атаарарга спорт бэртээхэй көмөлөһөөччү.
Иванова Александра ,
9 кыл. «Кутана кыымнара»