Тымныы – хоту дойду олохтооҕун арахсыспат аргыһа. Мин дойдубар Эбээн Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэр быйыл тохсунньу-олунньу ыйдарга тоһуттар, бытархан тымныылар буоллулар.
Тымныы олохтоохтору бары өттүнэн ыгар. Быйыл «Полярные авиалинии» көтөр аал айан суолун ордук хаччахтаата.
Бу күннэргэ Кустуур олохтооҕун күнү-дьылы кэтээн көрөөччү – гидролог, билигин сынньалаҥҥа олорор Иван Васильевич Старостины кытта көрсөн кэпсэттим.
– Иван Васильевич, бу тохсунньу-олунньу ыйга турбут тымныылар туһунан туох санаалааххыный? Урукку дьылларга хайдах этэй?
– Саха сирэ аан дойдуга, Россияҕа тымныытынан биллэр. Чуолаан биһиги Кустуурбутугар тохсунньу-олунньу ыйдарга маннык тымныылар 1982-1983 сыллардаахха буолбуттара. Ити кэмҥэ -45°С кыраадыстан 63°С кыраадыска диэри тиийэ сылдьыбыта.
– Билиҥҥи XXI үйэҕэ уонна бэйэҥ үйэҥ тымныыларыгар дьон таҥаһа-саба туох уратылаахтар этилэрий?
– Мин бу сыллар тымныыларын тэҥнээн көрдөхпүнэ, 1983 олунньу ый саҥатыгар метрологическай станция -63,5° тымныы көрдөрбүтэ. Биһиги саҕана оҕолор кулгаахтаах бэргэһэ, тыс үтүлүк, тыс этэрбэс, хаатыҥка кэтэрбит. Инньэ гынан улаханнык тоҥмот этибит. Урут даҕаны, билигин даҕаны хоту сир тымныыларын тулуйарга сылаас таҥас туһалаах.
– Иван Васильевич, кэпсээниҥ иһин улахан махтал! Дьоллоох, доруобай олоҕу баҕарабын.
Бу курдук Иван Васильевичтан биһиги Кустуурбутугар улахан тымныылар 40 сыллааҕыта буолан ааспыттарын биллим. Хоту сир дьоно-сэргэтэ урут-уруккуттан тыйыс тымныыттан толлубат күүстээх санаалаах эбиппит.
Кэпсэттэ Наум НАУМОВ, VIII кылаас,
«Бытантай кэскилэ » пресс-киин юнкора, Кустуур, Эбээн Бытантай.
VIII кылаас үөрэнээччитэ Валентина Червинская хаартыскаҕа түһэриилэрэ.