Биһиги оскуолабыт агро-хайысханан үлэлиир. Бэйэбит хаһаайыстабалаахпыт. Онно ынахтаахпыт, сылгылаахпыт, алта кустаахпыт, икки хаастаахпыт, үс индюктаахпыт.
Биир куспут олунньу 15 күнүгэр бастакы сымыытынан күндүлээтэ! https://vk.com/wall-199463452_5957
Кылгастык кэпсээтэххэ, кустарбытын сайыҥҥы лааҕырга диэн бэс ыйын 15 күнүгэр ылбыппыт. Лааҕыр оҕолоро сайыны быһа кустарбытын, кып-кыра эрдэхтэриттэн, отунан-маһынан, көтөргө аналлаах бурдугунан аһаппыппыт. Аллараа Үрүҥ Күөлбүтүгэр киирэн, аһаан, суунан тахсаллар этэ.
Күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа 13 куһу, 6 хааһы атыылаабыппыт. Аҕыйах куһу кыстыгы хайдах туоруулларын билээри хаалларбыппыт. Аска олох боростуойдар эбит. Оскуола остолобуойун тобох аһынан кыстаан, этэҥҥэ сыл тахсан эрэллэр. Бу күннэргэ индюкпут сымыытынан күндүлээри сылдьар.
Алена КСЕНАФОНТОВА, VI кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы.