Олунньу 13 күнэ — ийэ тыл уонна сурук бичик күнэ. Кэнники бириэмэҕэ, ордук эдэр ыччат уонна оҕолор бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан саҥарбат буоллулар. Сорохтор сахалыы тылы олох да билбэттэр. Биһиги “Кэскил” киинигэр оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо ыйытык ыыттыбыт. Ыйытыкка 70 — ча киһи кыттыыны ылла.
Бастакы ыйытыыбыт: эһиги күннээҕи олоххутугар сахалыы тылынан кэпсэтэҕит дуо? Улахан дьон 100% сахалыы тылынан кэпсэтэбит диэн эппиэттээтилэр, онтон оҕолор 75% сахалыы тылынан кэпсэтэбит диэтилэр. Сахалыы тылынан суруйуллубут кинигэлэри оҕолор бары ааҕаллар, онтон улахаттар 65% ааҕар эбиттэр. Саха суруйаччыларын улахан дьон 75% билэр буоллахтарына, оҕолортон 25% эрэ билэр эбит. Улахан дьон 90% төрөөбүт тылбын билэрим наадалаах дии саныыр эбит, оҕолор аҥаардара эрэ оннук диир эбит.
Онтон биһиги санаабытыгар хас бирдии саха киһитэ бэйэтин төрөөбүт тылын уонна төрүт култууратын билиэхтээх. Бэйэтин төрөөбүт тылын уонна култууратын билбэт киһи билиитэ кыра уонна олоххо тирэҕэ суох буолар.
Яковлева Айыллаана , Федорова Урсууна
Н.И. Протопопова аатынан “Кэскил” киин
“Репортер” медиакиинэ, Бүлүү к.