Чурапчы улууһун Чакыр нэhилиэгэ – суруйааччы Семен Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүт дойдута. Биһиги “Саха Островскайа” диэн аатынан биллэр биир дойдулаахпытын умнубаппыт.
Соторутааҕыта нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Светлана Руфовна Михайлова көҕүлээһининэн «Тобулус» интеллектуальнай оонньуу буолан ааста. Аҕам саастаахтар, 40-50 саастаах эр дьон, учууталлар, эдэр ыччат, оскуола оҕолоро түөрт хамаандаҕа арахсан кыттыыны ыллылар.
С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин, аймахтарын туһунан ыйытыыларга эппиэттээтилэр. Ол түмүгэр Татьяна Ивановна Адамова хамаандата “Муҥутуур кыайыылаах” буолла. «Өркөн өй» номинация аатын Егор Николаевич Старостин, «Тобуллаҕас толкуй» номинация аатын Николай Никитич Григорьев, «Биир сомоҕо» — Елена Яковлевна Софронова хамаандалара ыллылар. Оонньуу олус үчүгэйдик барда. Кыттааччылар Эрилик Эристиин туһунан элбэҕи билээллэрин бэлиэтии көрдүм. Кыттааччылар хамаандаларын ыспакка, бу курдук тутуспутунан сыл устата оонньуур санаалаахтарын биллэрдилэр. Эрилик Эристиини өссө дьаныһан үөрэтиэххэ диэн түмүккэ кэллилэр.
«Тобулус» интеллектуальнай оонньуу сыл устата ыытыллара былааннанар. Онон Эрилик Эристиин нэһилиэк олохтоохторун түмэр.
Василина КУЗЬМИНА, VIII кылаас,
С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолаата, Чурапчы.
Лидия Иосифовна Миронова хаартыскалара.