Аҕа дойду биир саамай ыарахан түгэнэ Ленинград куорат блокадата 1941 с. балаҕан ыйын 8 күнүттэн саҕаламмыта. Куорат хорсун хоодуот, тулуурдаах олохтоохторо 872 күн тулуйбуттара, өстөөххө бэриммэтэхтэрэ. Блокада кэмигэр аччыктааһынтан уонна бомбалааһынтан 641 тыһыынча кэриҥэ киһи суох буолбута.
Ас кырыымчыга, оттук мас-чох тиийбэтэ, уот суоҕа, водопровод урусхалламмыта. Цинга, дистрофия ыарыы элбээбитэ. Төһө да ыарахан кэм буоллар, куорат олохтоохторо фроҥҥа сэрии сэбин, таҥаһы оҥорон ыыта турбуттара. Ленинград куорат иһин кыргыһыы кытаанах этэ. Бүтүн дойду дьоно туора турбакка, бары Ленин куоратын туһугар төһө кыахтарынан көмө оҥоро турбуттара. Ладога күөлүнэн уонна салгынынан Ленинградка 60 тыһыынча тонна таһаҕас тиксэриллибитэ. Куораттан тыһыынчанан ыарыһахтар, оҕолор эвакуацияҕа барбыттара. Ладога күөлүнэн кыһыҥҥы сырыы историяҕа «Олох суола» диэн биллэр.
2019 сыллаахха кулун тутар ыйга Санкт-Петербург куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга «Доҕуһуол» этно-фольклорнай ансамбль кыттар чиэскэ тиксибиппит. Ленинград блокадаттан босхоломмута 75 сылыгар экскурсиянан Пискарёвскай кладбищеҕа бара сылдьыбыппыт. Гид кэпсээнин истибиппит уонна музейы киирэн көрбүппүт, билсибиппит. «Умуллубат уот» бочуотунай караулун көрбүппүт. Сибэкки дьөрбөтүн кэриэстээн туран мемориалга уурбуппут.
Блокаданы тоҕо көтүү тохсунньу 18 күнүгэр 1943 с. «Искра» диэн операциянан саҕаламмыта. Бу кыһыл армия Ленинград туһаайыытынан бастакы улахан кыайыыта этэ. Блокада тохсунньу 27 күнүгэр 1944 сыллаахха бүппүтэ.
Олег АДАМОВ, 10 кыл. үөрэнээччитэ, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалаһа.