Эбэм оскуолаҕа 40 сыл үлэлээн баран миигин көрөөрү үлэтиттэн уурайбыта. Уонна иллэҥ бириэмэтигэр дьарык оҥостоору 4 убаһаны оҕолорун кытта атыылаһан көрөргө санан дьарыктаммыта 12 сылыгар барда. Саха ыала хайаан да сүөһүлээх эбэтэр сылгылаах буолуохтаах диэн санаалаах сааһырдар да дьарыгын бырахпат.
Сахалыы халандаарынан быйылгы 2023 сыл Дьөһөгөй сыла. Бу сылбыт кыстыга сылгыларга арыый да урукку сыллардааҕар кытаанах буолууһук диэн сылгылаахтар эрдэттэн отторун, бурдуктарын бэлэмнэнэллэр.
Күһүн олус күүскэ ардаан от хаачыстыбата олус мөлтөх дэһэллэр. Мөлтөх оттон биэлэр ыраллар, ыалдьаллар, кээһэллэр. Оччоҕуна биэттэн кэлиэхтээх дохуот аҕыйыыр. Онон быйылгы Дөһөгөй сыла этэҥҥэ ааһарыгар баҕарабын.
Үтүө сыһыан уонна айылҕа Дьөһөгөй оҕолоругар көмөлөһүөҕэ диэн эбэм бигэ эрэллээх.
Эльдар Мордовскай, 8 кылаас,»Ыллык» пост Ньурба Хаҥалаһа.