Мин таайым Иван Николаевич Иванов аҕатын туйаҕын хатаран булчут идэлээх. Эһэм оҕонньор үйэтин тухары хара тыаны батан, араас булду сыыһа үктэппэтэх сорсуннаах булчут буоллаҕа. Орто уолун кыратыттан батыһыннаран булт мындырыгар уһуйдаҕа.
Хаһыс да сылын бөрө үөрэ буулаан түөрэм туйахтаахтарга кутталы үөскэттэ, бу күннэргэ биир атыыр бөрөнү бурааныгар тиэйэн аҕалла. Ааспыкка суолларын көрөн, Бүлүү өрүс диэки капкаан ииппитигэр, биир бөрө иҥнибит. Онон ардай аһыылаах бииринэн аҕыйаатаҕа. Бөрө үөрэ тымныыга сэтэрээн мэнээктиир эбит. Биһиэхэ билигин Ороһооспо тымныытын кэнниттэн, аны Баһылайап тымныыта саҕаланан эрэр, онтон Кириһиэнньэ тымныылара кэлиэҕэ, оруобуна тоҕоостоох кэмҥэ таайым бултуйбут эбит.
Күһүн элбэх буолан, таайым салайыытынан биир улахан бөрөнү бултаһан тураллар, дьон сылгытын тардыбытын көрөн. Ардай аһыылааҕы бултаһар манан үлэ буолбатах, сындылҕаннаах, сылаалаах буолар. Бөрө сүрдээх өйдөөх кыыл эбит, бултаһар буоллаххына, кинитээҕэр өссө мындыр буоллаххына сатанар. Дьөһөгөй сыла үүммүтүнэн, бэлиэ күн диэҕи баҕарыллар, ардах аһыылаахтары аны да аҕыйатар үлэни күүскэ ыытарга,кинилэри бултаһарга.
Миша Никифоров, 9 кылаас,»Ыллык» пост Ньурба Хаҥалаһа.