ТУРТАС
Бөһүөлэк аттынааҕы улахан күөл киэҥ иэнэ нэлэһийэ килэйэр. Аҕыйах хонуктааҕыта анды көҥүлүн кэмэ буолан, бу ытык эбэ арҕаа уонна куула өттүгэр оҥоһуллубут дурдалар иннилэригэр анньыллыбыт анды “хоруоллара” хараарыҥнаһан көстөллөр. Арай күөл халдьыатын диэки дурда баара биллибэт, ол, арааһа, көтөр сыстыбатыттан буолуо.
Вася эдьиийэ Сардааналыын тыаттан киирэр суолунан күөл куулатынааҕы өтөхтөөх алааска киирдилэр. Кинилэр сайын оттуохтаах алаастарын күрүөтүн аанын сабан, биир сүрүн үлэни бүтэрэн эрэллэр. Саас сайынныын алтыһар күннэрэ буолан, эчи, айылҕа силигэ сиппитэ бэйэтэ биир кэрэ түгэниттэн астынан, тиэтэйбэккэ хаамсаллар.
– Бааскаа, бу чочунаах уһаабыт, сотору ситииһи, – Сардаана үргээн ылан, көрдөрөн баран, ыстаабытынан барар.
Оҕолор, чочунаах үргээн сии- сии, хаамсан истилэр.
– Эдьиэй, көр эрэ, ол эбэҕэ туох устан иһэрий? Эмиэ да куска маарыннаабат курдук.
Сардаана одууласпахтаан баран:
– Эчи, көрөрүҥ да бэрт ээ, миэхэ хара эрэ көстөр, арай бэттэх эргийдэҕинэ кулгаахтаах курдук.
Оҕолор көрөн турбахтыыллар.
– Ньирэй буолбатах буоллаҕына, арааһа, тыа кыыла манна тахсардыы иһэр быһыылаах.
Васялаах, кэпсэтэ-кэпсэтэ, одуулаһа турдахтарына, анараа дурдаттан икки киһилээх тыы харбаан иһээччи диэки устан сундулуйда.
– Ха-айыа, тыылаах дьон… Хайаары гыннахтарай? – оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөн ылаллар.
Тыылаахтар тиийэн, кэнники олорооччута эрдиитин киһитигэр биэрдэ, бэйэтэ кыылы кулгааҕыттан дуу, муоһуттан дуу харбаабытыгар инникитэ куула диэки эрдэн, эрдиитэ үөһэ-аллара биэрэҥнээтэ. Кыыллара сылайбыт аҕай быһыылаах, харбыыра улам аҕыйаан, соһуллаталаан ылара хойдон барда. Тыылаахтар бэттэх соҕус кэлиилэригэр:
– Оо, туртас эбит! – Вася, мин биллим диэбиттии, улаханнык этээт, эдьиийигэр хайыһа түстэ.
Кытыыга чугаһаан эрдэхтэринэ, туртастара отой да сытынан кэбистэ, ону өрө тардаары, тутан иһээччи умса төҥкөйбүтүгэр кыра тыы ыйааһынын былдьатан, түөрэ эргийэн хааларын кытта, уу тыаһа эмискэ чалбалана түстэ. Итини кытта тэҥинэн кэриэтэ икки төбө быган, харбыы сылдьан биирэ тыытын үтэйэр, иккиһэ туртаһын моонньуттан ылан, кытыы диэки дьулуһар. Киһи тургуйар сиригэр кэлэн баран, кэпсэтэн көбдьөөрө-көбдьөөрө, кытыыга таҕыстылар. Оҕолор олохтоох Байбаллаах Сүөдэри өссө устан истэхтэринэ билбиттэрэ. Сүөдэр туртаһы төҥкөччү тутан турдаҕына, Байбала айаҕын хаһан, чалахай курдугу таһаарда, онтон сытыаран баран, инники атахтарын хамсаттылар.
– Оҕолоор, кэлиҥ эрэ! – Байбал хаһыытаан оҕолору ыҥырда. Сардааналаах кэлиилэригэр туртас хараҕын аһан тоһуйда.
– Доҕоттоор, имэрийэн ириэрэ түһүҥ. Сэрэнээриҥ, баҕар, тэбиэлэниэҕэ, сотору тохтооруҥ. Уулуу кэлбитин ыттар эккирэтэннэр, ыксаан ууга киирбитэ. Биноклунан көрө олорон, барахсан ыран тимириэх курдугун иһин өрүһүйэргэ санаммыппыт, хата, этэҥҥэ буолла, бэйэтэ да былырыыҥҥы оҕо эбит.
Байбаллаах саппыкыларын устан, ууларын сүөкэнэн баран, тыыларын көннөрдүлэр уонна күө-дьаа кэпсэтэн ыла-ыла, дурдаларын диэки уһуннулар. Туртас туруох курдук өндөҥнөөбүтүгэр Вася кэнниттэн көмөлөһөн, үтэн-анньан биэрдэ. Онуоха бастаан ахчаччы тэбинэн турбахтыы түһэн баран, икки-үс атылы оҥордо.
Уол эмискэ: «Һуу», – диэт, ытыһын таһынна. Туртас онтон соһуйан, ойоору умса барда.
– Оо дьэ, тоҕо үргүтэҕин? Арай атаҕын тоһуттун? Бар, туруор, – эдьиийэ аймана түстэ.
Вася тиийэн эрдэҕинэ, туртас бэйэтэ туран, аргыый ойуур диэки хаама турда.
– Хата, Байбаллаах, ууга түһэ-түһэ, быыһаан, тыыннаах хааллаҕа. Эн буоллар соһута сылдьаҕын, – диэн, кыыс быраата чугаһаабытыгар сэмэлии тоһуйда.
– Ээ, сүүрдээри гыммытым, түргэнник ириэ этэ диэммин… – уол, буруйдаммыттыы, умса тутунна.
– Байбаллааҕы айылҕа харыстабылыгар үтүө холобур быһыытынан оҕолорго кэпсээр.
– Сөп, кэпсии сатыам. Оннооҕор бэйэбит эмиэ кыттыгастаах курдук буоллубут дии, – Вася күлэн ылла.
Оҕолор санаалара көнньүөрэн, алаас илин өттүнээҕи үрдүк сыыры дабайаат, бөһүөлэк диэки бара турдулар.
Семен НИКИТИН.
Бахсы, Чурапчы.