Сыл аайы Ил Дархан Харыйатыгар 10 бастыҥ стипендиат үөрэнээччилэр ааттаналлар. Онно сыаналанар оҕо лидерскай хаачыстыбата, араас кэмпириэнсийэлэргэ, олимпиадарга, куонкурустарга ситиһиилэрэ. Ол курдук, быйыл 10 бастыҥ стипендиаттар истэригэр Нам улууһун Захар Прокопьевич Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Сарыал Зырянов киирдэ. Кини кылааһыгар староста, араас хайысхалаах научнай-практическай кэмпэриэнсийэлэр кыттыылааҕа.
— Бэйэм Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Үөдэй нэhилиэгэ Өрөспүүбүлүкэҕэ 14 Герой ийэлээҕинэн уонна спорду өрө тутар нэhилиэк быhыытынан биллэр. Дьиэбитигэр бииргэ төрөөбүттэр бары уолаттарбыт, мин кыраларабын. Оскуолабытыгар 148 үөрэнээччилээхпит. Сөбүлээн химия, математика, история уруоктарыгар дьарыктанабын.
Алыҥ кылаастан саҕалаан араас хайысхалаах научнай практическай кэмпэриэнсийэлэргэ кыттабын. 2020 сылтан СӨ Наука аччыгый академиятын иһинэн сайынын ыытыллар «Научное лето онлайн» бырайыакка дьарыктанабын. Бу бырайыак сылын аайы 22 улуустан 300 оҕону түмэр. Салайааччыларым Өлүөхүмэ куоратын «Гуманитарнай үөрэхтээһин айар дьоҕурдарын сайыннарар киинин» дириэктэрэ, биологическай наука кандидата Ольга Юрьевна Рожкова уонна бэйэбит оскуолабыт биологияҕа, химияҕа учуутала Вера Николаевна Викторова буолаллар. Бэйэбит тэлгэһэбитигэр бөдөҥ астаах дьэдьэн үүнүүтүн чинчийэбит. Үлэм түмүгүнэн хаста даҕаны Арассыыйатааҕы таһымҥа көмүскээбитим. Ааспыт сыл, бырайыакпыт чэрчитинэн Владивосток куоракка «Океан» лааҕырга «Живи земля» диэн экологическай форумҥа кыттан кэлбитим.
Бэйэм сайынын дьоммун кытта оттуубун, ийэбинээн Наталия Егоровналыын клубника араас көрүҥүн үүннэрэбит. 2021 с. «Фенологические наблюдения за растениями моего огорода (садовая земляника)» диэн тиэмэнэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» кэмпэриэнсийэҕэ кыттыбытым уонна бу үлэбинэн Арассыыйатааҕы «Горизонты открытий», эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Скрябинские чтения» кэмпэриэнсийэлэргэ II миэстэ буолбутум. Быйыл Владимир Иванович Вернадскай аатынан XXVI төгүлүн ыытыллар Арассыыйатааҕы ааҕыыларга кыттан лауреат уонна «Лучшая работа представленная сельской школой» диэн номинацияны ылбытым, бу үлэм «Интродукции новых культур в условиях Северного климата» грамотанан наҕараадаламмыта. Улууспутугар сыл бастыҥҥарын чиэстиир сүлүөккэ «Лучший по исследовательской работе» диэн номинация кыайыылаҕынан ааттаммытым, оскуолабар З.П. Саввин аатынан стипендиянан наҕараадаланар чиэскэ тиксибитим.
Араас олимпиадаларга, кэмпэриэнсийэлэргэ кыттыбытым миэхэ элбэх суолу арыйар, ол курдук балаҕан ыйыгар Өктөмҥө СӨ Наука аччыгый академиятыгар химияҕа эбии үөрэххэ дьарыктаммытым эмиэ умнуллубат түгэн этэ.
Ил Дархан Харыйатыгар ыҥырыллыбыппыттан олус үөрдүм, астынным. Манна сылдьан элбэҕи билиэм-көрүөм, оҕолору кытта билсэн саҥа доҕоттордонуом дии саныыбын. Биһиги ыалтан Ил Дархан Харыйатыгар сылдьыбыттартан мин үһүс оҕо буолабын маннык. 1999 сыллаахха М.Е. Николаев бастакы президеммыт саҕана, ол аата 23 сыл анараа өттүгэр, улахан убайым Афанасий сылдьыбыта. Кини билигин СӨ ИДьМ (Ис дьыала министиэристибэтэ) экспертно-криминалистическай киинин старшай экспертынан үлэлиир, полиция майора. Онтон төрдүс убайым Иннокентий боксаҕа Арассыыйа спордун маастара, билигин эмиэ полиция старшай сержана, Ил Дархан Харыйатыгар 2008 сылдьыбыта, ол саҕана В.А.Штыров президент этэ. Иккис убайым Георгий ДПС Госавтоинспекциятын старшай лейтенана уонна үһүс убайым Сергей Өрөспүүбүлүкэ росгвардиятын прапорщига, иккиэн байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ, Сергей билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Аҕабыт Иннокентий Афанасьевич аҕыйах ахсааннаах баһаары утары чаас начальнига, СӨ баһаары утары сулууспа туйгуна.
Чинчийэр үлэм салайааччыларыгар, оскуолам салалтатыгар, төрөппүттэрбэр махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Оҕолорго этиэм этэ, оскуола саҕаттан араас олимпиадаларга, күрэхтэргэ, конкурустарга, чинчийэр үлэлэргэ кыттан иһиҥ, саҥаны арыйыҥ. Биһиги саҥа көлүөнэ оҕолоро элбэххэ үөрэнэбит, олоххо бэлэмнээх буолабыт, инникитин хардыылыырбытыгар бигэ туруктаах, эрэллээх, билиилээх дьон буоларбыт саарбаҕа суох.
keskil14.ru