Уран уус, айылҕаттан айдарыылаах талааннаах биир дойдулаахпыт Василий Николаевич Николаев уруһуйдарын быыстапката ахсынньы ый 12 күнүгэр Арассыыйа култууратын киинигэр Санкт-Петербург куоракка буолан ааста. Бу быыстапканы Арассыыйа президенин иһинэн үлэлиир Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһиттэрэ Петербург куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт көрөн, сыаналаан төрөөбүт дойдуларын ахтан-санаан аастыннар диэн сыалтан тэриллибит.
Василий Николаевич Ньурба оройуонун Чуукаар орто оскуолатын уруһуйга, черчениеҕа учууталынан 30 сыл ситиһиилээхтик үлэлээбит. Бу оскуолаҕа кини туох баар кыаҕын, билиитин, талаанын, өйүн-санаатын биэрбит. Онтон кэнники 10 сыл, эмиэ таһаарыылаахтык Ньурба техническай лицейыгар үлэлээбит. Кини араас үрдүк наҕараадалардаах эбит. Ол курдук, Российскай Федерация үтүөлээх учуутала, “Дети Саха-Азия” аан дойдутааҕы оҕо фондатын стипендиата, III Бүтүн Сойуустааҕы норуот айымньытын фестивалын дипломана. Кини Чуукаарга “Олох оҥостуута” оскуола кыраайы үөрэтэр түмэлин төрүттээбит. Выпускной кылаастар оскуолаҕа оҥоһук оҥорон хаалларар үгэстэрин үөскэппит. Билигин Чуукаарга кини, кини үөрэнээччилэрэ оҥорбут араас үлэлэрэ бааллар. Василий Николаевич араас техниканнан, көрүҥүнэн оҥорбут оҥоһуктара дьон хайҕабылын билигин да ыла тураллар. Кини хартыыналарыгар сөбүлээн айылҕаны ойуулуур эбит: Бүлүү өрүһү, төрөөбүт дойдутун кэрэ сирдэрин…
Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт быыстапкаҕа Василий Николаевич кыргыттара кэлэн санааларын этэн, дьону кытары алтыһан, аҕаларын кэрэ хартыыналарын дьоҥҥо билиһиннэрэн бардылар. Улахан кыыһа Вера Васильевна Николаева аҕата тугу санаан, этэн сылдьыбытын дьоҥҥо сырдатта. Ол курдук Василий Николаевич Аан дойду, Арассыыйа, саха төрүт култууратын дьэҥкэтик билэр, филосов эбит. Саха сирин културатын өрө тутар, оннооҕор черчение уруогун төрүт культураны кытары дьүөрэлээн, духуобунас өттүнэн култуураҕа сыһыаран үөрэтэр эбит. Кини аҕата этэринэн, оҕо уруһуйга аан бастаан сыстар, уруһуйу сатыыр буолар. Бу маны куоттарбакка оҕону кыра эрдэҕиттэн ускуустубаҕа, кэрэҕэ сыһыарыахха наада диир үһү. Кэрэни көрөр, сатыыр оҕо хаһан да куһаҕаҥҥа сыстыбат, маатырыл тылы саҥарбат, киргэ-хоххо сыстыбат. Василий Николаевич оҕолоро бэйэлэрэ баҕа санаалара диэн “Арт школа Николаева” арыйыы буолар эбит. Вера Николаевна оскуола оҕолоругар анаан ускуустубаҕа сыстыҥ, кэрэни кэрэхсээҥ диэн тылынан түмүктээтэ.
Анжелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост,
Ньурба Хаҥалас.