Ахсынньы 9 күнүгэр Россияҕа Герой күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн дойду үрдүнэн уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбут дьоммут чиэстэнэллэр.
Быйыл бу күн Бүлүү куоратыгар биир дойдулаахпыт, Дүллүкү орто оскуолатын выпускнига, Бүлүүтээҕи педколледж физкультураҕа салаатын 2019 с. үөрэнэн бүтэрбит, Украинаҕа буола турар анал байыаннай операцияҕа хорсуннук кыттыбыт Степан Степанович Руфов сырдык кэриэһигэр аналлаах «Хорсун буойун албан аата үйэлэргэ ааттаныа» диэн тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин арыллыытыгар Степан чугас доҕотторо, үөрэппит учууталлара, төрөппүттэрэ, чугас дьоно иһирэх ахтыы оҥордулар.
Колледжка үөрэнэр кэмигэр бастыҥ спортсмен, эрэллээх доҕор уонна көхтөөх студент быһыытынан ахтан-санаан аастылар. Ийэтэ Сардаана Тусаховна Герасимова Степан үөрэҕин бүтэрэн баран Үөһээ Бүлүүгэ спортивнай оскуолаҕа тренеринэн уонна Хомустаахха физкультура учууталынан үлэлээбитин туһунан кэпсээтэ. Үөрэнээччилэрин ситиһиилэриттэн олус үөрэрэ диэн аҕынна. Колледжка хорсун разведчикка, «Эр санаа» орден кавалерыгар Степан Степановичка аналлаах өйдөбүнньүк стендэ арылынна.
Тэрээһин иккис чааһыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас байыаннай-спортивнай күрэхтэһии ыытылынна. Бастакынан «Смотр песни и строя» уонна «Разборка и сборка АК-74» ыытыллыбыта. 1 миэстэни Чинэкэ «Пламя» хамаандата ылбыта. Биһиги «Десантники» хамаанда 2 -с, 3 миэстэни «Бинанс» хамаанда ылбыта.
«Пулевая стрельба» күрэххэ 1 м. — «Максимум», 2 м. — «Десантники «, 3 м. — «Пламя» хамаандалар ыллылар.
Физическэй бэлэми көрдөрүү түмүгүнэн 1 м. — «Десантники «, 2 м. — «Хоһуун», 3 м. — «Максимум» буоллулар.
«Снаряжение магазина патронами» күрэххэ 1 м. — «Пламя» , 2 м. — «Максимум», 3 м. — «ВСОШ-3» ыллылар. Эстафетаҕа 1 м. — «Десантники», 2 м. — «Пламя», 3 м. — «Бинанс» буолла. Бүтэһиккэ ханаат тардыһыытыгар 1 м. — «Хоһуун», 2 м. — «Пламя», 3 м. — «Максимум» ыллылар.
Ол курдук, уопсай түмүккэ 1 миэстэни Чинэкэ оскуолатын «Пламя» хамаандата, 2 миэстэни Дүллүкү орто оскуолатын «Десантники» хамаандата, 3 миэстэни Бүлүү куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын «Максимум» хамаандата ыллылар. 1 миэстэни ылбыт хамаандаҕа бириис — улахан телевизор, 2,3 миэстэлэргэ улахан колонка бириис ананна.
Маны таһынан оҕолорго анал бириистэр туттарыллыбыттара. Күрэхтэһиигэ Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Кэбээйиттэн 9 хамаанда толору бэлэмнээх кэлэн кытынна.
Хорсун саллаат, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрбүт Степан Руфов аатын үйэтитэр күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик, олус долгутуулаахтык буолан ааста. Инникитин даҕаны дойдубут Дьоруойдарын аата ахтылла, үйэтитиллэ туруохтун!
Дайаана Гаврильева, 9 кылаас үөрэнээччитэ,
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата, күрэхтэһии кыттыылааҕа.