Оҕоҕо үлэ сатабылларын, үɵрүйэхтэрин иҥэрии, олоххо бэлэмниир туhата оҕо инники кэскилигэр суолтата улахан. Оҕо кыра сааhыттан үлэлии үɵрэннэҕинэ, үлэ сатабылларын иҥэриннэҕинэ, үлэнэн эрэ бэйэ олоҕун туруктаахтык тэриниэххэ сɵбүн үɵрэнэригэр саарбах суох.
Ол курдук, Кэбээйи орто оскуолатыгар доруобуйатыгар хааччахтаах оҕолорго болҕомто ууран, дьону кытта алтыhыннара үɵрэтээри, айар дьоҕурдарын сайыннарар усулуобуйаны тэрийэр сыллаах маастар-кылаастар буолан аастылар.
Оскуолабыт эбии үөрэхтээһин педагогтара оҕолорго Саҥа Дьыллааҕы тыыны киллэрэн, фетр матырыйаалыттан харыйа оҥорорго үөрэттилэр. Уолаттар маhынан үлэ сатабылын ылбыттарын түмүгэ — дьиэҕэ-уокка туттуллар мас хамыйах буолан таҕыста.
Сыл аайы маннык тэрээһин арааhа эбиллэр буолан, оҕолор хал буолбаттар. Үлэ түмүгэ оҕолор араас күрэхтэргэ миэстэлэһэллэригэр көстөр.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.