Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Кэбээйилэр киэн туттуубут — Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 103 сыла.
Саха талааннаах суруйааччыта Тимофей Егорович Сметанин 1919 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Кэбээйи улууhун Маҥан Кэрэх диэн сиргэ быстар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Тима сүрдээх сытыытын иһин төрөппүттэрэ таптаан Быһыйа диэн ааттаабыттар.
Т.Е. Сметанин 1929-1930 с. үөрэх дьылыгар саас кулун тутар ыйга Моҕоллой диэн сиргэ начаалынай оскуола маҥнайгы кылааһыгар төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох, 11 сааһыгар үөрэнэ киирбит. Дьулуура, баҕата бэрт буолан, төһө да хойутаан киирдэр, кини кылааһын ити сыл бүтэрбитэ. Кини суруйааччы буолан иитиллэн тахсыытыгар саха биллиилээх поэттара: Г. Егоров-Биилин, П. Тулааһынап, Ф. Винокуров-Даадар, бу оскуолаҕа кэлэн араас кэмнэргэ учууталынан үлэлээн ааһыылара, литературнай куруһуоктары тэрийэн үлэлэтиилэрэ улахан суолталаммыта. Кини айар үлэтин өссө оскуолаҕа сылдьан саҕалаабыта.
Намҥа киирэн, суоччут куурсун бүтэрэн, кини 1934 с. Калинин аатынан колхозка көмөлөһөөччү суоччутунан үлэлээбит. Тима колхозка үлэлии сылдьан оскуолатааҕы литературнай куруһуокка актыыбынайдык кыттыбыт, элбэх хоһооннорун илиинэн суруллан «Эдэр саас» диэн сурунаалга таһааттарбыт. Кини бу хаһыат хас нүөмэрин аайы хоһооннору, кэпсээннэри таһааттарара. Бастакы хоһооно «Былатыан суолунан бардарбыан» 1936 с. Нам оройуонун «Колхоз сирдьитэ» хаһыатыгар тахсыбыта.
Т. Сметанин 1937 с. оскуола үрдүкү кылааһыгар үөрэнэ оройуон киинигэр киирбит. Тимофей «Иитэр кыһа» литературнай куруһуогар киирэн, бэрт ситиһиилээхтик дьарыктаммыт.
Тима 1937 c. атырдьах ыйын 10 күнүгэр комсомолга киирбит. Үөрэҕин кэнниттэн сайын Ситтэ нэһилиэгэр аан бастаан үлэлээбит пионерскай лааҕырыгар сэбиэдиссэйдээбит.
1939 с. Кэбээйи ситэтэ суох орто оскуолатын бүтэрэн, Якутскайдааҕы потребительскай кооперация техникумугар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн, кини дойдутугар Кэбээйи эргиэн тэрилтэтин райпотугар инструктор-бухгалтерынан үлэлии барбыта. Тимофей, куоракка үөрэнэ да, дойдутугар үлэлии да сылдьан, литературнай айар талаанын салгыы сайыннарбыта.
Т. Сметанин 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 24 күнүгэр күһүн фроҥҥа саа-саадах тутан барбыта. Кини Орловскай-Курскай туһаайыыга, хотугулуу-арҕааҥы, иккис Прибалтийскай фроннарга 284-с минометнай полкаҕа сулууспалаабыт, идэтинэн связист этэ, ол гынан баран сатаан уруһуйдуурун иһин разведкаҕа сылдьан инники кирбии линиятын былаанын ойуулаан устарга анаабыттара. Хабыр кыргыhыыларга хорсунун көрдөрөн «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Хорсунун иhин» уонна «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Оҕолорго анаан бастакы кинигэтэ 1943 сыллаахха «Мэхээлэчээн булчут» тахсар. Бу кэпсээнин (Я. Стручковтуун суруйбут).
Сэрииттэн ыараханнык бааhыран 1944 сыллаахха дойдутугар кэлэн Дьокуускайдааҕы педагогическай институт историческай отделениятыгар үөрэнэ киирбитэ. Республика хаһыаттарыгар хоһоонноро сотору-сотору бэчээттэнэллэрэ.
Ити сылларга буойун-бэйиэт сэрии толоонуттан төрөөбүт Сахатын сиригэр ыыппыт «Хааннаах хара баттах», «Сүрэхтэн кэпсэтии», «Босхоломмут дэриэбинэ», «Саллаат ахтылҕана», «Саллаат», «Сибэсиис», «Бухатыыр Армия», «Саллаат уонна өлүү» уо.д.а. хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ. 1945 сыллаахха фроннааҕы хоһооннорун хомуурунньуга «Саллаат сүрэҕэ» диэн кинигэҕэ хомуллан тахсыбыттара.
Пединститукка үөрэнэ сылдьан, театрга үлэлиир Матрена Григорьевна Тарасованы 1945 с. кэргэн ылар, 1946 с. муус устар 1 күнүгэр эдэр ыалга Таня диэн кыыс оҕо төрөөн, ийэ-аҕа буолар дьолун билбиттэрэ. Тимофей Сметанин кыыһа Татьяна Тимофеевна кэлин Россия профтех. үөрэхтээһинин үтүөлээх маастара, ССРС профтех. үөрэхтээһин туйгуна буолбута. Түөрт оҕолоох: Тимофей, Федор, Наталья, Алексей.
Оҕолорго анаан «Күөрэгэй» (1945 с.) остуоруйата, «Наахара Сүөдэр» тахсаллар. Тимофей Сметанин биир бөдөҥ айымньытынан 1945 cыллаахха суруллубут «Лоокут уонна Ньургуһун» хоһоонунан драмата бастыҥ драматическай айымньы иһин республиканскай конкурска бириэмийэлэммитэ.
Тимофей Сметанин доруобуйата мөлтөөн кэргэнин дойдутугар Хаҥалас Хачыкаатын Кыһыл үрүйэтигэр сайылаабыта. Онно олорон 1946 с. кини таһаарыылаахтык да үлэлээбит. Кыһыл Үрүйэҕэ «Кыһыл былааттаах кыыс», «Атын киһи оҕото» диэн кыра формалаах пьесалары, «Егор Чээрин» Я. Стручковтуун суруйбута. Сэһэн 1947 с. республиканскай иккис бириэмийэнэн наҕараадаламмыта. Кинигэ геройдара бииргэ сулууспалаабыт дьонноро.
Оҕолорго аналлаах элбэх хоһоонноро норуот уоhуттан түспэт ырыалар буолбуттара: «Манчаары туһунан ырыа», «Бу Лена», «Кыыс ырыата», «Ат мииммит». Хас да очеркаларыгар «Кыһыл Үрүйэ» колхоз колхозтаахтарын туһунан хаһыакка ыстатыйалары, сатирическай кэпсээннэри суруйталаабыта.
1947 сыллаахха “Көрүдьүөс күн” сэрии иннинээҕи хоһооннорун кинигэтэ бэчээттэммитэ.
1947 сыллаахха атырдьах ыйын 4 күнүгэр айар үлэтин үгэнигэр 27 cаастааҕар, Покровскайга олорон өлбүтэ.
Кини айбыт айымньылара кэннигэр кэриэс хааланнар, төрөөбүт норуотугар духовнай баайын өлбөөдүйбэт кылаата буолан сылдьаллар: «Талыллыбыт айымньылар (1951 с., 1969 с.); «Күөрэгэй»(1945,1984), «Саллаат сүрэҕэ»(1945), «Куоска олоҥхото»(1946, 1961, 1976), «Егор Чээрин»(1946,1963,1970, 1985), «Көрүһүөс күн» (1947), «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» (1961, 1986), «Лоокут уонна Ньургуһун» (1962), «Көрсүһүөхпүт» (1979 с.), «Сүрэхтэн кэпсэтии» (1989 с.), «Айымньылар. 2 т.» (1999) , «Кыһыл былаахтаах кыыс», «Атын киһи оҕото», «Кыталык кыыс» пьесалары, «Бороҥ куобах үөрэммит» остуоруйа-хоһоон, “Манчаары туһунан ырыа», «Уол уонна эһэ» сценка кинигэлэри хойунан таһаарбыттара.
Суруйаачы, буойун Тимофей Егорович Сметанин олоҕун тиһэх сылларыгар олоро сылдьыбыт дьиэтигэр Покровскайга мемориальнай дуоска 1999 сыллаахха — суруйааччы төрөөбүтэ 80 сыла туолуутун көрсө туруоруллубут.
1967 с. Кэбээйигэ биллиилээх скульптор, монументалист Петр Алексеевич Захаров Т. Сметанин пааматынньыгын оҥорбута. Дэриэбинэ биир уулуссатыгар уонна орто оскуола пионерскай дружинатыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ. Маны таһынан, оскуола кыраайы үөрэтэр музейыгар аналлаах муннук тэриллибитэ.
1973 сыллаахха төрөөбүт дойдутугар Кэбээйигэ кини аатынан народнай театр арыллыбыта.
Билигин нэһилиэккэ Тимофей Сметаниҥҥа аналлаах балаҕан дьиэ үлэлии турар.
Суруйааччы 80-н сааһыгар икки томнаах талыллыбыт айымньылара, кини туһунан ахтыы кинигэлэри А.И. Аржаков таҥан оҥорбута бэчээттэнэн тахсыбыта.
2019 с. Тимофей Егорович айымньыларын хомуурунньуга нууччалыы тылбаастанан бэчээттэммиттэрэ.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.