Оҕолорбут сахалыы остуол оонньууларын өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирыгар ситиһиилээхтик кытыннылар.
Оҕо сааска киһи оонньоон үөрэнэр, сайдар кэмэ. Оҕолор сүрүн дьарыктарынан оонньуу буолар. Билигин оҕо суотабай төлөпүөн, көмпүүтэр, телевизор иннигэр элбэхтик олорор. Бэлэм информацияны ыла үөрэммит оҕо толкуйдуур, айар дьоҕура сыппыыр.
Ол курдук өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕо оҥорон көрөр, өйгө тутар, болҕомтото, өйдүүр дьоҕура сайдарыгар аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Бу дьыл сэтинньи 12 күнүгэр СӨ сахалыы остуол оонньууларын федерацията төрүттэммитэ 30 сылыгар, СӨ спорт төрүт көрүҥнэрин уонна “Сахаада-спорт” саха норуотун спордун уонна оонньууларын ассоциацията төрүттэммитэ 30 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи турнира буолан ааста.
Күрэхтэһии сүрүн сыалынан саха төрүт оонньууларын киэҥ араҥаҕа тарҕатыы буолла. Тыҥааһыннаах киирсиигэ куйаар ситимин нөҥүө 1-11 кылаас оҕолоро кытыннылар. Биһиги Кэбээйибит орто оскуолатыттан уопсайа 19 оҕо уонна улахан дьоҥҥо салайааччы К.Е. Дьяконова, физкультура учуутала, хабылык уонна хаамыска остуол оонньуутугар күөн көрсөн, тарбахтарын сымсатын, харахтара сытыытын көрдөрдүлэр.
Кыттааччыттан 2 мүнүүтэ иһигэр хабылыкка, хаамыскаҕа оонньоон көрдөрөрө ирдэнэр. Түмүк уопсай бу икки көрүҥүнэн таҕыста. Ол курдук, оҕолорбутуттан Маша Оконешникова — 3 миэстэ, Дамир Павлов — 5 миэстэ, Люба Максимова — 6 миэстэ, Каролина Дьяк — 2 миэстэ, Андрей Дьяконов — 8 миэстэ буолан оскуолаларын аатын ааттаттылар.
Оҕолорбут тиһигин быспакка маннык дьарыктана сырыттахтарына, төрөөбүт төрүт остуол оонньууларыгар ытыктабылы кыра саастарыттан иҥэринэн, саха буолалларынан киэн тутта улаатыахтахтара диэн эрэнэбит.
«Дьоҕур» пресс-киин, Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата.