Сэтинньи 10 күнүгэр Л.В. Киренскэй аатынан Амма лиcсиэйигэр «Абака» математическай оонньуу ыытылынна. Амма улууһуттан 15 хамаандаҕа 75 оҕо күөн көрүстэ.
Сытыы киирсии түмүгэр кыайыылаах үрдүк аатын Эмис орто оскуолатын хамаандата ылла. Хамаандаҕа «Кэскил» юнкордара — Сережа Яковлев, Алена Гаврильева, Айта Захарова бааллар.
Оҕолорбутугар үөрэх эйгэтигэр саҥа арыйыылары, үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
Эмис орто оскуолата, Амма.