Алтынньы 29 күнүгэр Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ оҕо Россиятааҕы хамсааһынын күнүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр. Оҕо хамсааһынын сыала-соруга: кэнчээри ыччаты сөптөөх суолунан такайыы, төрөөбүт тылын, өбүгэтин үгэһин, историятын уонна култууратын иҥэринэ сылдьан, атын омугу кытта олох уларыйыытыгар тэҥҥэ сайдарга бэлэм, үлэҕэ көхтөөх, чөл өйдөөх-санаалаах, сатабыллаах, кыахтаах, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх ыччаты иитэн таһаарыы.
Оскуолабытыгар «Сарыал» оҕо түмсүүтэ оскуола үөрэнээччилэрин барыларын хабан ситиһиилээхтик үлэлиир.
Бу күн түмсүүбүт лиидэрдэрэ үөрэнээччилэргэ уоскулаҥ ахсын араас хабааннаах оонньуулары оонньоттулар. Үөрүүлээх линейка түмсүү бэрэссэдээтэлэ Лена Заборовская рапорыттан, Россия өрөгөйүн ырыатын толоруутуттан саҕаланна. Оскуолабыт алын сүһүөх үөрэнээччилэрин бу үөрэх дьылыттан саҕаламмыт саҥа Бүтүн Россиятааҕы «Россия өрүөллэрэ” хамсааһын кэккэтигэр чиэстээн, бочуоттаан киллэрдибит.
Кырачаан үөрэнээччилэрбит хоһооннорун, сирдьиттэрин, речевкаларын иһиттибит уонна кинилэр бар дьоннорун ортотугар боччумуран туран, «Россия өрүөллэрэ” буолалларын бигэргэтэн, мэктиэ тылларын эттилэр. «Сарыал» оҕо түмсүүтүн активистара хас биирдиилэригэр хаалтыс баайдылар, оскуолабыт дириэктэрэ Нина Афанасьевна Потапова Бүтүн Россиятааҕы хамсааһыҥҥа киирбиттэрин туоһулуур дастабырыанньалары туттарда. Кырачааннарбытын эҕэрдэлээн үөрэнээччилэр флешмоб үҥкүүлээтилэр, ыллам ырыаны ыллаатылар.
Бу курдук, оҕо саас бэлиэ күнүн бэлиэтээтибит. Үөрэнээччилэрбэр киэҥ билиини, төрөөбүт дойдуларын таптыыр, дьоҥҥо-сэргэҕэ элэккэй, олоххо көхтөөх буолалларыгар баҕарабын.
Светлана Васильевна Ноговицына, баһаатай,
Боронук, Дьааҥы.