Бу дьыл сэтинньи 23-25 күннэригэр Дьокуускай куоракка саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһэ ыытыллара күүтүллэр.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтээһини тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэстэригэр анаммыт сүбэ мунньаҕы салайан ыытта.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников ситэриилээх былаас уорганнарын, тылга сыһыаннаах тэрилтэлэр салайааччыларын кытта көрүстэ. Мунньахха улуустааҕы үөрэх салалталарын салайааччылара кэтэхтэн кытыннылар. Үөрэх уонна билим миниистирэ Ирина Любимова: «Сийиэс кэнсиэпсийэтэ бастакы сийиэс түмүктүүр докумуонугар олоҕуран, итиэннэ саҥа сүүрээни киллэрэр сыаллаах оҥоһуллубута», — диэн бэлиэтээн эттэ.
Тылы туттууга, сайыннарыыга сыһыаннаах тэрилтэлэр, уопсастыбынньыктар араас түһүлгэлэри тэрийэргэ этии киллэрдилэр. Үөрэх, иитии эйгэтигэр сыһыаннаах төгүрүк остуоллар, ырытыһыылар түмүктэринэн салгыы үлэлээһин торумнарын оҥорор былаан баар. Биир сонун хайысханы ХИФУ педагогическай института АФ ХИ норуоттарын тылларын уонна култууратын институтун кытары кыттыһан «Аныгы үйэ учууталын бэлэмнээн таһаарыы» диэн түһүлгэни ыытыахтара. Орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии туһунан кэпсэтиини педагогическай колледж, итиэннэ профессиональнай үөрэхтээһини сайыннарар институт таһаарыахтара.
Тас сибээскэ сыһыан миниистирэ Гаврил Кириллин: «Өрөспүүбүлүкэҕэ иккис сылын үлэлии турар «Судаарыстыбаннай тыллары чөлүнэн хаалларыы уонна сайыннарыы» бырагырааманы олоххо киллэриини отчуоттуур тэрээһини ыытыахха», — диэн этиини киллэрдэ. Бу бырагыраамаҕа хас да тылы үөрэтэр мобильнай сыһыарыыттан саҕалаан оҕо үөрэнэр учебниктарыгар тиийэ үбүлээһини ылбыт бырайыактар бааллар.
Александр Николаевич Жирков, ситэриилээх былаас, тустаах министиэристибэлэр кыттыһан балай эмэ далааһыннаах үлэни ыыта сылдьаллар. Александр Жирков былаас уорганнарын салайааччыларыгар туһаайан: «Чопчу туттуллар, олоххо киирэр хайысхалары өссө дириҥник көрүөххэйиҥ. Улуустартан кэлэр делегаттар тылларын-өстөрүн истэн, дьүүллэһэн баран, түмүгү пленарнай мунньаҕынан бигэргэтиэҕиҥ. Оҕо иитиллэр эйгэтин тэрийиигэ оонньууруттан, анимационнай киинэтигэр тиийэ болҕомобутун ууруоҕуҥ», — диэн ыҥырда.
keskil14.ru