Ороһу орто оскуолатыгар оҕолорго, төрөппүттэргэ учуутал оруолугар киирэр, тыҥааһыннаах уонна долгутуулаах күн ааста. 21 уруогу 16 оҕо, 4 төрөппүт ыытта.
Оскуола директорын эбээһинэһин оскуола бэрэсидьиэнэ 7 кылаас үөрэнээччитэ Сайаан Павлов сүктэ, завучтарынан 7 кылаас үөрэнээччилэрэ Алина Яковлева, Ванесса Прокопьева буоллулар.
Үөрэнээччилэртэн Бэйэни салайыныы күнүгэр ыытыллыбыт уруоктарга санааларын этинэллэригэр көрдөстүбүт.
Камилла Егорова: «Иккис кылаастарга нуучча тылын Яковлева Алина уонна Прокопьева Ванесса үөрэттилэр, кинилэр биһигини дуоскаҕа таһааран суруттардылар, аахтардылар. Уруогу сөбүлээтим».
Авелия Кириллина: «Биһигини, 3 кылааһы, убайым Кириллин Максим нуучча, саха тылларыгар, тулалыыр эйгэҕэ үөрэттэ. Кэпсээбитин өйдөөтүбүт, дьиэҕэ үлэ биэрдэ».
Ванесса Васильева: «Ордук нуучча тылыгар Руфова Сандаара синоним, антоним, ононим диэн өйдөбүллэри үөрэппитин 4 кылаастар бэркэ биллибит».
Алина Ласточкина: «Биһигини 5 кылаастары үс төрөппүт Павлова Т.П., Константинова Д.С., Терентьева Т.Н. үөрэттилэр. Мин уруһуйдуурбун сөбүлүүр буолан, Терентьева Т.Н. уруһуйга үөрэппитин сөбүлээтим. Чороон уруһуйдатта».
Гена Иванов: «Алтыс кылаастарга 11 кылаас үөрэнээччитэ Крылатов Коля нуучча тылыгар үөрэттэ. Кини нууччалыы ыраастык саҥарар, быһаарара чуолкай. Терентьева Наташа саха тылыгар өйдөнөр гына үөрэттэ».
Кирилл Быккасов, Саша Егоров: «Сэттис кылааска төрүт култуураны Ласточкин Валерий, алгебраны Иванов Антон бэркэ үөрэттилэр».
Ксения Семёнова: «Ахсыс кылаастар Крылатов Коля позновательная математика диэн темалаан уруогу ыыппытын бары астынныбыт уонна киниэхэ махтанныбыт».
Ити курдук биир сэргэх, ураты күн ааста.
Ороһу орто оскуолатын пресс-киинэ.