Саргылаах билиини биэрэр,
Сандаарар саҕаҕы арыйар,
Ис санаа баҕатын толорор
Учууталларга, бэтэрээн учууталларга
Идэлээх бырааһынньыккытынан!
Владимир Петрович Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар сарсыардаттан ураты күн буолла.
Актыбыыс оҕолор учууталлары көрсөн эҕэрдэлээтилэр уонна минньигэс сакалаат бэлэх ууннулар. Муусука учууталлара хас биирдии уһуйааччыттан сайаапка хомуйан, сөбүлээн истэр ырыаларын араадьыйанан холбоотулар. «Мэҥэбил» иитиллээччилэрэ учууталлартан интервью ылбыт видеоларын оҥорон, улахан күөх экраҥҥа холбоотулар. Ону таһынан хас перемена аайы музыкальнай тохтобуллар буоллулар. Оҕолор ыллаан, үҥкүүлээн уһуйааччыларын үөртүлэр. Хас биирдии кылаас учуутал бэтэрээннэргэ минньигэс, доруобуйаларыгар туһалаах бэлэх нобуорун туттардылар.
Роман Гаврилович Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Елизавета Егоровна Куличкина ааптарыскай «Кэрэни кэрэхсэтэн, ураты умсугутан» – сахалыы саахымат тигии көрүҥүн быыстапката буолла. Бу манна, Саха АССР төрүттэммитэ 100, Пионерия тэриллибитэ 100 сылларыгар уонна Учуутал күнүгэр аналлаах учууталларбыт уонна үөрэнээччилэрбит үлэлэрэ тэрилиннэ.
Роман Гаврилович Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Зоя Васильевна Шарина эҕэрдэ тыл эттэ. Ону тэҥэ учууталларга уонна үөрэнээччилэргэ быыстапкаҕа кыттыбыттарын туоһулуур сертификат туттарда.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо хамсааһынын уонна ыччат бэлиитикэтин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай инициативатын туйгуна, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын профкомун бэрэссэдээтэлэ Людмила Константиновна Иванова тыл эттэ уонна Арассыыйаҕа оҕо хамсааһынын 100 сылыгар аналлаах мэтээллэри пионербаһаатайдарга туттарда. Ону таһынан, бииргэ үлэлээбит, бииргэ иистэнэр коллегалара, үөрэнээччилэрин төрөппүттэрэ ааттаарыттан эҕэрдэ тыл эттилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна, бүтүн Арассыыйатааҕы «Мой лучший урок» кыайыылааҕа, быыстапка салайааччыта Елизавета Егоровна Куличкина тыл эттэ. Быыстапкаҕа уопсайа 21 үлэ турда диэн бэлиэтээтэ, хас биирдии үлэтин туһунан кыратык кэпсээтэ, барыларыгар махтал тылларын эттэ.
Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Сардаҥалар» уонна «Тускул» вокальнай ансаамбыллар (салайааччы: Светлана Аркадьевна Борисова, Раиса Александровна Скрябина) ырыаларын бэлэх ууннулар, көрөөччү тапталын ыллылар. Быыстапка кыһыл лиэнтэтэ кырыллан, ыалдьыттар ытыс тыастарынан арылынна. Кэлбит дьону Учуутал күнүнэн туордунан күндүлээтилэр.
Алтынньы 3 күнүттэн 8 күнүгэр диэри чөл олоҕу көҕүлүүр нэдиэлэнэн биллэриллибитэ. Бу нэдиэлэ чэрчитинэн «Бары бииргэ» диэн эдэр учууталлар, төрөппүттэр уонна үөрэнээччилэр холбоһук хамаандалар икки ардыларынан күрэхтэһии буолла. Бары көхтөөхтүк кыттыбыт төрөппүттэргэ, учууталларга уонна оҕолорго махталбытын тириэрдэбит. Өссө да кытта тураарыҥ диэн баҕа санаалаахпыт.
«Мэҥэбил» пресс-киин.