Өлүөхүмэ улууһун Уолбут орто оскуолатын 5-9 кылаас үөрэнээччилэрэ нэһилиэк ытык кырдьаҕаһыгар Харитонова Раиса Дмитриевнаҕа көмө оҥордулар, мас хайытан, кыстаан биэрдилэр.
Оҕолору иилээн-саҕалаан оскуолаҕа оҕону иитэр үлэҕэ салайаачыта Алексеева Лена Геннадьевна уонна оскуолаҕа оҕону иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта Лыткина Анна Петровна илдьэ сырыттылар.
«Тимуровскай хамсааһын биһиги оскуолабытыгар сыл аайы ыытыллар. Аҕам саастаахтар күннэрэ буоллун, Кыайыы күнэ буоллун уо.д.а.. Саастаах дьоҥҥо туох көмө баарын билэн оҕолору кытта тэҥҥэ сылдьан көмөлөһөбүт. Оҕолор үөрэ-көтө бары түмсүүлээхтик көмөлөһөллөр», — Анна Петровна үллэстэр.
«Бүгүн миэхэ Уолбут оскуолатын оҕолоро, салайааччыларын кытта Лена Геннадьевналыын, Анна Петровналыын мас хайытан, кыстаан биэрдилэр, улахан көмө оҥорбуттарыгар махталбын тиэрдиэм этэ. Мэлдьи доруобай сырыттыннар, оҕолор үөрэхтэригэр ситиһиилээх буоллуннар. Лена Геннадьевна, Анна Петровна үлэлэригэр улахан ситиһиилэри, доруобай, дьоллоох буоллуннар», — диэн Харитонова Раиса Дмитриевна махталын тиэрдэр.