Улууспутугар бу күннэргэ ыытылла турар педагогическай декада чэрчитинэн, улуустааҕы история түмэлигэр РСФСР уонна СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, Хоро нэһилиэгин бочуотттаах олохтооҕо, 2007, 2014 сыллар «Улуус бастыҥ мусуойун үлэһитэ» анал аат хаһаайына, РФ Үлэ геройун М.Н Готовцев бириэмийэтин лауреата, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Клара Гаврильевна Бурцева алтынньы 3 күнүгэр оскуола оҕолорун кытта көрүстэ.
Клара Гаврильевна бэйэтэ хас да сыл В.А.Протодьяконов-Кулантай аатынан литературнай мусуойугар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Бу көрсүһүүгэ кини мусуой диэн тыл туох суолталааҕыттан саҕалаан, мусуой үлэтэ сүрүннээн чинчийии буоларын быһааран кэпсээтэ. Кини хас биирдии мусуой үлэһитэ тугунан дьарыктанарын кэпсээтэ. Фондохранитель, экскурсовод, научнай үлэһит, методист, экспозиционер диэн идэлээх үлэһиттэри сырдатта.
Биир интириэһинэй түгэнинэн, Клара Гаврильевна улуустааҕы «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэрин чилиэнэ. Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кини мунньубут интириэһинэй уруучукаларын аҕалбыт. 2003 сылтан саҕалаан уруучука 3000 араас көрүҥүн, бүрүөлээх уруучукаттан саҕалаан билиҥҥи электроннай уруучукаларга тиийэ мунньубут. Үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс бөрүөлээх да уруучукалар баалларын сөҕө-махтайа көрдүбүт.
Рохан Гриц,
Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын
5″б» кылааһын үөрэнээччитэ
Лиана Васильева ,
Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын
5″б» кылааһын үөрэнээччитин түһэриитэ