8 «а» кылаас үөрэнээччитэ Кирилл Соловьев бу сайын Дорҕоон Дохсун «Хотуур хоһууна» лааҕырыгар сылдьыбыта.
Лааҕыр үлэтин чэрчитинэн «Үрдүгү дабайыы» бырайыакка кыттан, ааспыт нэдиэлэҕэ Томпо улууһугар саха сирин кэрэ миэстэтин 1500 км үрдүктээх «Орлиное гнездо» хайаны көрөн-истэн кэллэ. 2,5 км сатыы хааман тахсан бэйэтигэр рекорд кэриэтэ буолла.
Киниэхэ инникитин өссө үрдүк үрдэллэри уонна дабайыылары баҕарабыт!
Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын пресс-киинэ.